Видеоттан скриншот
Дьокуускай куоракка эрдэҕэс саастаах уолаттар тииҥи эчэппиттэрин туһунан «Зоополис» мини-зоопаарка ханаала иһитиннэрэр. Ол курдук куорат элбэх кыбартыыралаах дьиэтин таһыгар оҕо оонньуур былаһааккатыгар уолаттар тииҥи тутан ылан улаханнык эчэппиттэр.
Бу туһунан былаһааккаҕа сыһыарыылаах дьиэ олохтооҕо суруйар:
— Хас сарсыарда ахсын бу тииҥчээни көрөр буоларым. Онуоха бу эҥээр куруук сылдьар, оонньуур уолаттар кыылга кырыктаах сыһыаннарын көрдөрдүлэр. Маннык көлүөнэ улаатан эрэрэ хомотор. Олохтоохтор ааттарыттан полицияҕа сайабылыанньа суруйбуппут. Тииҥчээни өрүһүйэр туһуттан элбэх бэтэринээринэй килииникэҕэ сибээскэ тахсыбыппыт. Ыарахан туруктаах тииҥчээни «Зоополис» мини-зоопаарка үлэһиттэрэ ылбыттара.
Кыылга-сүөлгэ аһынар сүрэҕэ суох, кырыктаах сыһыаннаах оҕолорго миэрэ ылыллыа диэн эрэнэбит. Киһи кыылга хайдах сыһыаннааҕый даҕаны, дьоҥҥо-сэргэҕэ эмиэ оннук сыһыаннаах диэн мындыр этии баар.
Киһи аймах туой иһити неолит кэмиттэн, саҥа таас үйэттэн оҥостор, туттар буолбут. Саха омук даҕаны…
2021 сыллаахха түөрт оҕолоох Даниловтар дьиэ кэргэн Уһук Илиҥҥи ипотека бырагырааматыгар киирсэн уһаайба атыыласпыттара, «Килбиэнстрой»…
Хаһыаппыт бүгүҥҥү ыалдьыта, дьоруойдуу быһыы, бойобуой доҕордоһуу диэн тугун бэркэ билэр, биһиги биир идэлээхпит, кэллиэгэбит,…
Эдэриттэн эмэнигэр тиийэ саҥа сылы кытта хайаан даҕаны үтүө, кэрэ кэлиэҕэ, эһиил быйылгытааҕар өссө ордук…
Кистэл буолбатах, үгүстэргэ “мин билэр буоллум да, киһи барыта билиэхтээх” диэн өйдөбүл иҥэн хаалбыт. Билбэтин…
Бүгүн, ахсынньы 21 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ баһыйар үгүс өттүгэр кыралаан хаардыаҕа. Халымаҕа, Аллайыахаҕа хаар сөбүгэр түһүөҕэ.…