Дьокуускайга оҕону ытырбыт ыт хаһаайыттарын көрдүүллэр

Дьокуускайга оҕону ытырбыт ыт хаһаайыттарын көрдүүллэр

Ааптар:
09.01.2025, 15:00
https://t.me/saisar_slepsov
Бөлөххө киир:

Тохсунньу 8 күнүгэр Дьокуускайга Сайсары уокуругар аҕыс саастаах оҕону ыт ытырбыта. Бу ыты түргэнник туппуттара. Ыт ошейниктаах, онон хаһаайынын көрдүүллэр.

«Оҕоҕо саба түспүт ыт хаһаайыттарын көрдүүбүт, биллэллэригэр көрдөһөбүт. Ыты кыыллары быстах тутар пууҥҥа илдьибиттэрэ. Онтон хаһаайыттара кэлэн ылбатахтарына, арааһа, утуталлара буолуо. Бу уокурукка быһылаан иннинэ бэйдиэ сылдьар ыттар балаһыанньалара бигэтийбитэ, ол эрээри халлаан сылыйан ыт элбээтэ», — диэн Сайсары уокуругун управатын начаалынньыга Владимир Слепцов иһитиннэрэр.

Ыт оҕоҕо Макаренко уул. 8 дьиэтин аттыгар күнүс үс чаас диэки саба түспүт, илиитин ытырбыт. Уолу балыыһаҕа илдьэн быһыы туруортарбыттар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
4
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
10 января
  • -35°C
  • Ощущается: -35°Влажность: 75% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: