Дьокуускайга олохтоох бородууксуйа дьаарбаҥката ыытыллыаҕа
03.12.2024, 13:26
СИА хаартыската.
Бөлөххө киир:
Дьокуускайга Комсомольскай болуоссакка ахсынньы 6-8 күннэригэр «Ахсынньытааҕы дьаарбаҥка» ыытыллыаҕа. Бу туһунан СӨ тыа хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
Дьаарбаҥкаҕа Саха сирин тыа хаһаайыстыбатын бородуукталарын оҥорор бастыҥ тэрилтэлэрэ кыттыахтара. Манна эт, арыы, балык, полуфабрикаттар атыыланыахтара.
Санатан суруйдахха, Саҥа дьыл иннинэ, ахсынньы 20-22 күннэригэр Дьокуускайга өссө биир дьаарбаҥка ыытыллыаҕа.
+1
7
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: