Дьокуускайга One SW саҥа арыллыбыт тэрилтэни бэрэбиэркэлиэхтэрэ
Арассыыйа баана быраабы араҥаччылыыр уорганнарыгар үп ырыынагар сокуоннайа суох үлэлии-хамсыы сылдьар тэрилтэлэр «хара» испииһэгэр киирбит One SW хампаанньаны бэрэбиэркэлииргэ көрдөстө.
Соторутааҕыта саҥа One SW хампаанньа аһыллыбытын туһунан иһитиннэрии социальнай ситимнэринэн тарҕаммыта.
«Ханнык эмэ тэрилтэҕэ харчы угуоххутун иннинэ, кини үлэтин сокуонунан көрөн чахчытын быһаарыахха наада. Оччотугар Киин баан саайтыгар киирэн хампанньа чопчу өҥөлөрү оҥорууга көҥүллээҕин бэрэбиэркэлиэххэ наада. Маны таһынан бу хампаанньа сокуоннайа суох үлэлээх тэрилтэлэр испииһэгэр киириэ суохтаах», — диэн Арассыыйа баанын Саха сиринээҕи салаатын пресс-сулууспатыгар бэлиэтээтилэр, диэн СИА суруйар.
Дьокуускайга бу өрөбүлгэ көҥүл урбаанньыттар, фрилансердар уонна дьиэҕэ олорон үлэһиттэр идэлээх сойуустарын One Shop World хампаанньа филиалын аһыыллыыта буолбута. Филиал Саха сирин киин куоратыгар One SW диэн ааттанар. СИА суруналыыһа саҥа тэрилтэ хайдах үлэлиирин көрбүтэ, ону таһынан One Shop World хампанньа Киин баан «хара» испииһэгэр киирэрин быһаарбыта.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: