Дьокуускайга Онкология киинэ үлэлээтэ
Олунньу 7 күнүгэр Дьокуускайга Онкология саҥа киинин үлэҕэ киллэриигэ үөрүүлээх тэрээһин буолла. Үөрүүлээх түгэн сахалыы алгыһынан аһылынна.
Онкология киинэ Владимир Путин көҕүлээбит “Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыак “Онкология ыарыыларын утары охсуһуу” эрэгийиэннээҕи бырайыагын чэрчитинэн тутулунна.
Тэрээһиҥҥэ Ил Дархан Айсен Николаев бу бырайыагы олоххо киллэриигэ үлэлэспит дьоҥҥо барыларыгар махтанна.
«Дойду бэрэсидьиэнэ олунньу 3 күнэ буолар түүнүгэр Томскайга уонна Уфаҕа онкология диспансердарын аһыыны сэргэ, биһиги Кииммит аһыллыытыгар кыттыбыта. Кини бу түгэни онкология көмөтө табыгастаах уонна көдьүүстээх буоларын үрдэтиигэ улахан хардыынан ааттаабыта. Сүрүнэ, ыарыһахтахтар өрөспүүбүлүкэ таһыгар барбакка эрэ, онкология үрдүк технологиялаах көмөтүн миэстэтигэр ылар буолуохтара”, — диэн Ил Дархан эттэ.
Тэрээһиҥҥэ РФ Федеральнай Мунньаҕын судаарыстыбаннай думатын дьокутаата Галина Данчикова кытынна уонна Дьокуускайга Онкология саҥа киинэ тутулларын быһаарыы хайдах саҕаламмытын туһунан кэпсээтэ.
Үрдүк категориялаах онколог-хирург, өрөспүүбүлүкэ үтүөлээх бырааһа, онкология сулууспатын бэтэрээнэ Татьяна Мигалкина эҕэрдэтин ытыс тыаһынан көрүстүлэр. Үтүөлээх быраас олус күүппүт түгэнэ тосхойбутуттан долгуйан, сиргэ бокулуоннаан ылыан баҕарбытын туһунан эттэ.
“Онкология сулууспатын бэтэрээннэрэ бу устуоруйаҕа киирэр түгэҥҥэ тиийэн кэлбиттэриттэн олус дьоллоохпун. Сүрүнэ – мин үөрэнээччилэрбинэн киэн туттабын. Кинилэр билигин сүрүн хирурдарга, салайааччыларга тиийэ үүннүлэр. Биһиги билигин эдэр кэскиллээх исписэлиистэрбитгэр эрэнэбит”, — диэн Татьяна Мигалкина эҕэрдэтин тириэртэ.
Быраастар династияларын салҕааччы, абдоминальнай онкология отделениетын онколог-хирура Александр Осипов эдэр исписэлиистэр ааттарыттан аныгы Кииҥҥэ үлэлиир кыах баар буолбутугар өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар махтанна.
Онкология киинин сүрүн бырааһа Татьяна Николаева 1996 сыллаахха үрдүк үөрэҕи бүтэрээт да тута бу диспансерга үлэлии кэлбитэ. Кини оччолорго саамай ыарахан кэмнэри ааспыттарын, ол эрэн түмсүүлээх кэлэктиип, бэтэрээннэр кинилэри үлэлииргэ эрэ буолбакка, олох олорорго, мындыр быһаарыныылары ылынарга үөрэппиттэрин туһунан аҕынна. “Ытыктабыллаах бэтэрээннэрбит, эһиги онкология сулууспатын бигэ тирэҕинэн буолаҕыт. Түмсүүлээх кэлэктииппит саҥа дьиэҕэ көһөн, онкология сулууспата сайдарыгар бары күүспүтүн ууран туһан үлэлиэхпит”, — диэтэ.
Ааптар түһэриилэрэ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: