Дьокуускайга оптуобустар сырыыларын тоҕо кыһын уларыттылар?
Бүгүн Дьокуускай куорат мээрэ Евгений Григорьев суруналыыстары кытта 2024 сылы түмүктүүр көрсүһүүтэ Дьокуускай куорат 29 №-дээх оскуолатыгар саҥа тутуллан бүтэн, үлэҕэ киирээри турар дьиэтигэр буолла.
Биллэн турар, үгүс боппуруос оптуобус сырыытыгар, тохтуур сиригэр, айанныыр хайысхатыгар туһаайылынна. “Тоҕо кыһыны анаан күүтэн олорон, айаны-сырыыны уларыта туттугут? Бу үлэ сайын барбыта буоллар, маннык буккуур тахсыа суоҕа этэ” диэн ыйытыыга куорат мээрэ Евгений Григорьев маннык хоруйдаата:
— Эспиэрдэр куорат уулуссаларынан оптуобустар сырыыларын анаан үөрэппиттэрэ. Лииньийэҕэ 390 ПАЗ оптуобус сылдьар этэ. Саҥа улахан оптуобус биир сырыыга үс ПАЗ көлө пассажирын батарара учуоттаммыта. Ол иһин улахан оптуобустары атыылаһар сорук турбута. Биллэн турар, бу үлэ сайын барыахтаах этэ эрээри, саҥа 19 оптуобус собуоттарыттан балаҕан ыйын бүтэһигэр таҥыллан кэлбиттэрэ. Аны хас биирдии көлөнү балаансаҕа киллэрэргэ докумуон оҥоһуллуута үгүс бириэмэни ылыбыта. Ол саҥа бырайыак үлэҕэ киириитин улаханнык тардыбыта. Докумуону толоруу барыта силигин ситэн, сэтинньи ортотугар эрэ түмүктэммитэ. Аны сайыны кэтэстэххэ, кыһыҥҥы кэмҥэ саҥа оптуобустар үлэлээбэккэ туруохтара дуо? Көлө тиийбэтиттэн 25-с оптуобус маршрутун сырыыта уустуктанан, тохтуур кутталланан барбыта. Ол иһин былааннаммыт уларыйыыны олоххо киллэрэргэ күһэллибиппит. Биллэн, турар, сонун сүүрээн барыта эриэ-дэхситик олоххо киирбэт. Ол эрээри сыыйа барыта оннун булан иһиэҕэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: