Дьокуускайга уопсастыбаннай тырааныспарка хонтуруоллааччылар баар буолуохтара. Кинилэр билиэтэ суох айаннааччылары тутуохтара уонна ыстарааптыахтара. Ыстараап суумата 4000 солкуобай буолуоҕа дииллэр. Ол туһунан СИА-ҕа куорат суолга-тырааныспарка сулууспатын салайааччыта Эдуард Садовников кэпсээбит.
“Хонтуруоллааччылар (контролердар) билиэтэ суох айаннаан иһээччилэргэ административнай кэһиигэ боротокуол толоруохтара. Маннык үлэһиттэр атын эрэгийиэннэргэ үгүстэригэр бааллар.
Сокуоҥҥа бырайыас төлөммөтөҕүн иһин ыстараап туһаныллыаҕа. Аан бастаан кэстэххэ – 2000 солкуобай, хаттаан түбэстэххинэ – 4000 солкуобай, — диэтэ Эдуард Садовников.
Кини кэпсииринэн, былырыыҥҥыттан социальнай каартанан – социальнай, оҕо, оскуола уо.д.а. айаннааччы элбээбит. Ол эрээри маннык каарталарынан үксүгэр атын дьон туһанар буолбут. Холобура, улахан дьон оскуола оҕотун каартатынан айанныыра баар суол. Маныаха тиэйээччигэ 45 солкуобай (уу харчынан аахсыыга) оннугар 23 солкуобай субсидия көрүллэр. Онон мантан сылтаан айдаан тахсар”, — диэн бэлиэтээтэ Садовников.
Кини этэринэн, саҥа сокуон пассажирдары дьиссипилиинэлээх оҥоруоҕа.
“Бу кыһын сибээс үлэлээбэтэҕэр пассажирдар 80 бырыһыаннара төлүүртэн акаастаммыта. Кырдьык, маныаха айанньыттар буруйдара суох, суоппардар эмиэ. Дьиҥэ, өҥө оҥоһуллубута эрээри, төлөбүр киирбэтэҕэ. Онон тиэйээччилэр хоромньуну көрсүбүттэрэ”, — диир кини.
Дьокуускай олохтоохторо оптуобустан тахсан иһэн төлүүр идэлээхтэр. Онон аан таһыгар валидатордар туруохтаахтар.
“Бу саҥаны киллэрии пассажирдары кэтээн көрөөрү, бүддьүөтү ыстараабынан улаатыннараары буолбакка, уопсастыбаннай тырааныспарка мөккүөр тахсарын аччатыыга ананар”, — диэн быһаарда Эдуард Садовников.
Хонтуруоллааччылар оптуобуска хаһан баҕарар киирэн кэлиэхтэрин сөп. Федеральнай сокуоҥҥа олоҕуран быраабыланы кэһээччилэри булан, кэһии туһунан боротокуол толорор кыахтаахтар. Ыстараабы уу харчынан эбэтэр онлайн төлүөххэ сөп. Хонтуруолу Дьокуускай административнай хамыыһыйата олохтуоҕа.
Хаартыска: М.Васильева, СИА.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…