Салгыы
Дьокуускайга оскуола табаара төһө сыана буолбутуй?

Дьокуускайга оскуола табаара төһө сыана буолбутуй?

Ааптар:
18.08.2024, 10:30
Бөлөххө киир:

Дьокуускайга атырдьах ыйын 10 күнүгэр үгэскэ кубулуйбут оскуола дьаарбаҥката аһылынна, манна араас кэнсэлээрийэ табаара, көстүүм, ырбаахы, атах таҥаһа уонна успуорт таҥаһа кэлэр саҥа үөрэх дьылын көрсө атыыланар.

СИА кэрэспэндьиэнэ дьаарбаҥкаҕа сылдьан оҕону оскуолаҕа бэлэмнииргэ төһө суума харчы наадатын билистэ.

Хаартыска: Мария Гоголева, СИА

Киин куоракка Хомсомуол болуоссакка 100-тэн тахса атыы-эргиэн балаакката туруоруллубут. Атыыһыттар этэллэринэн, киһи билигин аҕыйах, сүрүн дьон-сэргэ сылдьарын атырдьах ыйын 20-с чыыһылатын кэнниттэн күүтэллэр. Табаар арааһа элбэх, ол иһиттэн биир табаар сыаната араастаһан 1000 солк. диэри улаатыан сөп.

Оскуола дьаарбаҥкатыгар ордук Кытайтан аҕалыллыбыт табаар кэчигэрэһэн ыйанан тураллар. Арассыыйа табаара кыралаан онон-манан көстөр. Кыргыттарга маҥан булууһа — 1500 солк., дьууппа — 2500- тан 3000 солк. диэри сыаналаах. Сарапаан сыаната үрдүк — 3000-тан 4000 солк. диэри. Куоптаны 2000-2500 солк. диэри сыанаҕа булуохха сөп, оттон жилеттары ортотунан 2000 солк. Түүппүлэ сыаната 2000 солкуобайтан саҕаланар. Ортотунан колгуоккка сыаната 350 солк. тэҥнэһэр. Успуорт көстүүмэ 3500 солк. саҕаланар, кроссовка уонна кеда оҥоһуутуттан көрөн 2500-3000 солк. атыылаһыахха сөп.

Атыыһыттар таҥас атыылаһарга үөрэ-көтө көмөлөһөллөр. Ону таһынан, чэпчэтии оҥоруохтарын сөп. Уолаттар ырбаахыларын сыаната 1000-2000 солк., бүрүүкэ — 2500-тан 3000 солк. диэри турар. Пиджак — 2000 солкуобайтан үрдүк сыанаҕа атыылаһыахха сөп. Көстүүм сыаната 3500-тэн 7500 солк. диэри тиийэр. Жилеты ортотунан 1700 солк. атыылаһыахха сөп. Хаалтыһы ортотунан 400 солк. турар. Түүппүлэ сыаната 2000 солкуобайтан саҕаланар. Успуорт көстүүмэ ортотунан 3500 солк. атыыланар. Футболка сыаната 600 солкуобайтан саҕаланар. Кроссовка ортотунан 2500 солк. турар.

Оскуола үрүксээгэ 1500-тэн 8000 солк. диэри, пенал -100- тэн 300 солк. диэри турар. Сыана матырыйаалыттан, дизайныттан уонна хаачыстыбатыттан тутулуктаах.

Дневник 100-тэн 150 солк. диэри турар, ол эрээри 500 солк. да булуохха сөп. Тэтэрээт набора 300-тэн 450 солк. диэри турар. Тэтэрээт сыаната: 96 илиистээх — 60 сол., 40 илиистээх — 29 солк., 48 илиистээх — 70 солк., 12 илиистээх — 8 солк. Уруучука 10 солк. атыылаһыахха сөп. Хара гелевай уруучука 15-тэн 100 солк. диэри турар. Боростуой харандаас 5 солк., ортотунан сыаната 10-15 солк. Алта өҥнөөх харандаас 35- тэн 145 солк. атыыланар, 12 өҥнөөх — 200-тэн 300 солк. диэри атыылаһыахха сөп. Кыра фломастер набор 40-тан 100 солк. диэри турар. Акварель сыаната 50 солк., оттон гуашь — 200-тэн 300 солк. диэри атыыланар.

Майя Гоголева хаартыскаҕа түһэриитэ.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
3
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
8 октября
  • -2°C
  • Ощущается: -6°Влажность: 93% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: