Дьокуускайга «Отходы в доходы-2024» диэн Бүтүн Арассыыйатааҕы научнай-практическай кэмпириэнсийэ ыытылла турар
Бүгүн муус устар 19 күнүгэр, Дьокуускайга Бүтүн Арассыыйатааҕы научнай-практическай кэмпириэнсийэ ыытылла турар. Манна орто анал үөрэх уонна үрдүк үөрэх кыһатын устудьуоннара, аспираннар, учуонайдар, судаарыстыбаннай уонна муниципальнай управление араас хайысхатын исписэлиистэрэ, тэрилтэлэр, уопсастыбаннай түмсүүлэр кыттыыны ылаллар.
«Олус улахан суолталаах тэрээһин. Бөҕү туһаныы уонна оҥорон таһаарыы — «Экология» бырайыак дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин туруорбут соруктарыттан биирдэстэрэ буолар. «Отходы в доходы — 2024» кэмпириэнсийэ айылҕаны харыстааһыҥҥа нэһилиэнньэ болҕомтотун тардар, ол кыһалҕатын Уһук Хоту сиргэ быһаарарга саҥа ньымалары буларга туһуланар. Ил Дархан Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэҕэ айылҕа туругун тупсарыыга саҥардылыбыт ыйааҕыгар сүрүн болҕомтотун тулалыыр эйгэҕэ антропогеннай дьайыыны намтатыыга уонна экологическай култуураны сайыннарыыга уурбута. Кэмпириэнсийэ сиэксийэлэринэн былаһааккатыгар салгыы ыытыллар үлэлэри кэпсэтиһии, ону таһынан бөҕү оҥорон таһаарар тэрилтэлэри кытта үлэлэһии буолуоҕа», – диэн Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина санаатын үллэһиннэ.
Бырайыактары көмүскээһин үс сиэксийэнэн ыытылла турар: «Экологическая культура в решении вопросов обращения с отходами», «Экологические проблемы безопасности твёрдых коммунальных отходов в Российской Федерации, на примере Республики Саха (Якутия)» уонна «Обращение с отходами в условиях Крайнего Севера».
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: