Дьокуускайга параспортсменнар ортолоругар пауэрлифтиҥҥа өрөспүүбүлүкэ чөмпүйэнээтэ саҕаланна
Тирэнэр-хамсанар аппарааттара эмсэҕэлээбит уонна мөлтөхтүк көрөр дьон ортотугар пауэрлифтиҥҥа Саха сирин чөмпүйэнээтигэр быйыл өрөспүүбүлүкэ 14 улууһуттан 48 спортсмен кыттар. Күрэхтэһии бүгүҥҥүттэн “Самородок” бассейҥҥа саҕаланна.
Чөмпүйэнээт үөрүүлээх аһыллыытыгар Бойобуой ускуустубалар Арассыыйатааҕы сойуустарын толорооччу дириэктэрэ, каратэ (всестилевай каратэ) федерациятын бэрэсидьиэнэ Рамиль Габбасов эҕэрдэ тылын тиэртэ: “Эһиги быһаарыныыгыт, кытаанах уонна хорсун санааҕыт атыттарга холобур буолар. Иннигит диэки дьулуһан, саҥа рекордтары оҥорон иһиҥ уонна туруоруммут сыалгытын ситиһиҥ”.
Санатан эттэххэ, чөмпүйэнээт 2014 сылтан, адаптивнай физическэй култуура уонна успуорт өрөспүүбүлүкэтээҕи киинэ тэриллиэҕиттэн ыла ыытыллар. Тэрээһин Арассыыйаҕа биллэриллибит Дьиэ кэргэн сылыгар ананар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: