Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ түөрт буруйу оҥоруу бэлиэтэммит.
Ол курдук, Кэбээйи уонна Мэҥэ Хаҥалас улуустарыгар уоруу туһунан сайабылыанньалар киирбиттэр. Итинтэн бииригэр баан счетуттан 169 тыһ. солк. тахса сууманы уорбуттар. Оттон Дьокуускай куоракка “салайааччы” уонна “ФСБ үлэһитэ” төлөпүөннүүр диэн ньыманы туһанан, түөкүттэр педагогтан 4,5 мөл. солк. уорбуттарынан холуобунай дьыала тэриллибит.
Түөкүттэр күн-түүн элбээн иһэллэр. Билэр дьоҥҥутуттан, баантан, ФСБ-тан төлөпүөннүүбүт диэн эрийдэхтэринэ, адьас итэҕэйбэт буолуҥ. Тэрилтэттэн үксүгэр түөкүттэр эрийэллэр, оннооҕор чугас дьоҥҥут куолаһын кытта оҥорон төлөпүөннүөхтэрин сөп. Сэрэхтээх буолуҥ, угаайыга киирэн биэримэҥ.
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…
2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…
Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…
Өлүөхүмэ улууһун Уолбут нэһилиэгэр “Эйгэ” сынньалаҥ киин дьиэтигэр араас тэрээһин барыта буолар. Быйыл өссө биир…