Дьокуускайга полиция кыбартыыраттан тэлэбииһэр уонна суотабай уорууну арыйда

Share

Киин куорат «Якутское» ИДьМ 3 №-дээх полиция отделыгар кыбартыыраттан тэлэбииһэр уонна смартфон төлөпүөн уоруллубутун туһунан сайабылыанньа киирдэ. Хоромньу уопсай суумата 55 тыһыынча солкуобай буолла.

Бу туһунан СӨ ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Суһал-көрдүүр дьаһалларынан холуобунай ирдэбил үлэһиттэрэ уорбаланааччы ким буоларын быһаардылар. Урут сууттана сылдьыбыт 19 саастаах эдэр уол эбит.

Эмсэҕэлэнээччи киин куорат барыгар арыгы иһэн баран,  билэр дьонун дьиэтигэр ыҥырбыт. Буруйданааччы сарсыарда кыбартыыраттан, дьон бары утуйа сыттаҕына, «Samsung»  суотабай төлөпүөнү уонна «Dexp» тэлэбииһэри кыбынан тахсыбыт. Уорбут баайын-дуолун ломбардка 16 тыһыынча солкуобайга туттарбыт. Харчыны тус наадатыгар туһаммыт.

Российскай Федерация Холуобунай Кодексатын «Уоруу» 2 п. 158 ыт. холуобунай дьыала тэриллибит. Буруйданааччы 5 сылга диэри болдьоххо көҥүлэ быһылыан сөп.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сүрүн

Филипп Евсеев: “Дьоһуннаахтык уонна чиэһинэйдик олоруохха”

Т-80 тааҥка “Алеша” экипаһа ВСУ холуоннатын тоҕута сынньан дьоруойдуу быһыыны оҥорбутун күөх экраҥҥа көрбүппүт. Бу…

4 минуты ago
  • Хаартыска/Видео

ВИДЕО: Дьокуускайга уһуйаан оҕолоро Тымныы Оҕонньору, Хаарчаананы көрөн үөрдүлэр

Дьокуускайга "Надежда" уһуйаан иитиллээччилэригэр Тымныы Оҕонньор уонна Хаарчаана түннүгүнэн көстөн ааспыттар. Оҕолор үөрүүлэрэ муҥура суох. …

34 минуты ago
  • Быһылаан

Нерюнгрига массыыналар харсыстылар, биир киһини госпитализациялаатылар

Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа биэс буруйу оҥоруу тахсыбытын туһунан СӨ борокуратуура иһитиннэрэр. Мииринэй оройуонугар дьахтар…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Моҕой сыла, мичик гын!

Үүнэр сылы хайдах көрсөҕүн да, кэлэр сылыҥ оннук буолар диэн өс хоһооно баар. Дьэ, ол…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Сүбэһит: Чэй күнүгэр кучу чэйи иһиҥ

Ахсынньы 15 күнүгэр Чэй күнэ бэлиэтэнэр. Онон, маннык тымныы, туманнаах күҥҥэ итии чэйдэ иһиэҕиҥ! Былыр,…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн үгүс улуустарга хаар түһэрэ күүтүллэр

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Саха сирин үгүс улуустарыгар хаар түһэрэ күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр. Хоту,…

4 часа ago