Дьокуускайга полиция үлэһиттэрэ миграция сокуонун кэһээччилэри уодьуганныыллар
Арассыыйа ИДьМ Саха сиринээҕи муниципальнай управлениетын үлэһиттэрэ Дьокуускай куорат ырыынактарыгар миграция сокуонун кэһээччилэри эппиэтинэскэ тардар сыаллаах суһал-сэрэтэр тэрээһини ыыттылар. Бу туһунан ИДьМ Саха сиринээҕи салаатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Эпэрээссийэ кэмигэр полиция үлэһиттэрэ 33 омук гражданинын бэрэбиэркэлээтилэр. Үс миграҥҥа сыһыаннаан административнай буруйуу оҥоруунан РФ Административнай кодексын 18.8 ыстатыйатын 1.1 чааһынан уонна 19.27 ыстатыйатын 1 чааһынан дьыала тэрилиннэ.
Ону тэҥэ, олохтоох киһи РФ Холуобунай кодексын 322.3 ыстатыйатынан «Арассыыйа Федерациятыгар омук гражданинын эбэтэр гражданствота суох киһини олорор сиригэр сымыйанан регистрациялааһын» буруйу оҥорбутун чахчытыгар олоҕуран, бэрэбиэркэ ыытыллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: