Дьокуускайга полиция үлэһиттэрэ суотабайы халаабыт киһини туттулар

Share

ИДьМ Дьокуускайдааҕы 2-с №-дээх полиция отделын дьуһуурунай чааһыгар киин куорат олохтооҕо уоруу тахсыбытын туһунан иһитиннэрбит. Үҥсээччи хас да мүнүүтэ анараа өттүгэр биллибэт киһи кини суотабай төлөпүөнүн аһаҕастык уорбутун туһунан кэпсээбит диэн ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Эмсэҕэлээбит дьахтар күнүс Петр Алексеев аатынан уулуссаҕа турар элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ киирбит. Кини кэнниттэн биллибэт киһи киирэн иһэн, эмискэ илиититтэн суотабай төлөпүөнү былдьаан ылбыт даҕаны, тута куотан хаалбыт.

Халааһын туһунан иһитиннэрии киирээтин кытары тута тас сулууспа үлэһиттэригэр биллэриллибит. Дьокуускайдааҕы полиция ППС туспа батальонун үлэһиттэрэ Стадухин аатынан уулуссатыгар турар биир баарга уорууга уорбаланааччы киһиэхэ маарынныыр киһини көрбүттэр. Кинини тутан баран полиция отделыгар илдьибиттэр. Бу урут уорууга сууттаммыт 41 саастаах киһи буолан тахсыбыт. Бэрэбиэркэ кэмигэр полиция үлэһиттэрэ киниттэн уоруллубут суотабай төлөпүөнү булбуттар.

Уорбаланааччыга РФ Холуобунай кодексатын «Уоруу» 161 ыстатыйатын 1-кы чааһынан холуобунай дьыала тэрилиннэ, кини 4 сылга диэри болдьоххо көҥүлэ быһыллыан сөп.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

II Наахара нэһилиэгэр Кыайыы знамятын көрүстүлэр

Бүгүн, тохсунньу 10 күнүгэр, Мэҥэ Хаҥалас улууһун II Наахара нэһилиэгэр Кыайыы знамятын көрүстүлэр. Ол туһунан…

23 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Чурапчы-Дьокуускай-Чурапчы» хайысханан маршрутнай оптуобус сылдьыаҕа

Бу сыл тохсунньу 11 күнүттэн «Чурапчы-Дьокуускай-Чурапчы» хайысханан 206 нүөмэрдээх маршрутнай оптуобус сылдьыаҕа. Бу туһунан «Чурапчы…

29 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Хантараагынан байыаннай сулууспаҕа сүүмэрдээһин салҕанар

Хантараагынан  байыаннай сулууспаҕа сүүмэрдээһиҥҥэ Биир кэлим кииннэр үлэлэрэ салҕанар. «Манна хандьытааттар психологтар уонна мэдиссиинэ үлэһиттэрин…

34 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

Оҕолор бэрт туһалаах, сонун бырайыактары бэлэмнээбиттэр

Моркуоп угун үгүс дьон быраҕан кэбиһэбит. Оттон “Инникигэ хардыы” билим-быраактыка кэмпириэнсийэтин быйылгы кыттыылааҕа бу сиэниллиэн…

49 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

«Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуонда байыаннай дьайыы бэтэрээннэрин үлэнэн хааччыйар

«Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» судаарыстыбаннай пуонда Саха сиринээҕи филиала байыаннай дьайыыттан эргиллэн кэлбит байыастары үөрэҕинэн, үлэнэн…

58 минут ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Хамсаабат баайга-дуолга уларыйыылар киирдилэр

Үүммүт сылга даача учаастактарын уонна хамсаабат баайы-дуолу бас билээччилэргэ туһаайан сокуоҥҥа хас да уларыйыы  киирдэ.…

1 час ago