Дьокуускайга «Полярные авиалинии» зондировщик-сөмөлүөтэ үлэтин саҕалаата
Саха сиригэр ардаҕы түһэрэр «Полярные авиалинии» авиахампаанньа бэйэтин Ан-26 зондировщик-сөмөлүөтэ үлэтин саҕалаата. Туһааннаах көтөр аал Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан анал оборудованиенан хааччыллыбыта.
Көтөр аал Иваново куораттан аҕалыллыбыта. Иваново — Сыктывкар — Новый Уренгой — Өлөөн — Дьокуускай хайысхатынан аҕалыыга хамандыыр Константин Назмутдинов, иккис пилот Петр Перфильев, штурман Владислав Михальчук, бортмеханик Карахон Рахматуллоев уонна бортоператор Евгений Николаев үлэлээтилэр.
Ардаҕы искусственнайдык аҕалыыга Арассыыйа оборудованиетынан хааччыллыбыт гражданскай авиацияҕа бастакы сөмөлүөт буолар. Көтөр аалы Иваново куоракка 308 нүөмэрдээх авиаөрөмүөннүүр собуокка ардаҕы аҕалар анал оборудованиены: пилоннары, контейнердары уонна да атын тэриллэри таҥмыттара.
Оҥоһуу ардах киһиэхэ туох да куттала суох. Бырамыысыланнас күүскэ сайдыбыт эрэгийиэннэригэр собуоттар буруоларын кытта булкуһан кислотнай ардах үөскүөн сөп. Оттон Саха сиригэр оннук моһуоннаах фабрикалар, собуоттар суохтар. Ардаҕы оҥоруу сүрүн кыһалҕата атыҥҥа сытар. Зондировщик-сөмөлүөт көдьүүстээх үлэни оҥоророругар сөптөөх былыттар баар буолуохтарын наада.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: