ИДьМ 3 №-дээх полициятын дьуһуурунай чааһыгар биллибэт киһи учаастактан тимир профлиистэри уорбутун туһунан тыллаабыттар. Хоромньу 40 тыһыынча солкуобайга тэҥнэспит.
Холуобунай ирдэбил үлэһиттэрэ суһал-көрдүүр дьаһалларынан 57 саастаах олохтоох эр киһини туппуттар. Силиэстийэ быһаарыытынан, уорбаланааччы Маҕанныыр трасса учаастагын аттынан ааһан иһэн профлиистэри бэлиэтии көрбүт. Кини этэринэн, быраҕыллыбыт, ким да наадыйбат дии санаабыт уонна бэйэтигэр ыларга быһаарыммыт.
Сотору кэминэн бэйэтин массыынатынан төннүбүт уонна 20 тимир профлииһи учаастактан тиэйэн илдьэ барбыт. Холуобунай дьыала тэрилиннэ. Уорбаланааччы 5 сылга диэри болдьоххо көҥүлэ быһыллыан сөп. Бу туһунан ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Татарстан "Язучы" кинигэ кыһатыгар Былатыан Ойуунускай кинигэтэ татаардыы тылынан таҕыста. Кинигэҕэ "Улуу Кудаҥса", "Дойду оҕото…
Түөкүттэр дьону албынныырга саҥа ньыманы толкуйдаабыттар. "Баһыылкаҥ кэллэ, ону сыһыарыы эрэ көмөтүнэн ылаҕын" диэн албынныыр…
Таатта улууһун Дьүлэй нэһилиэгэр олохтоох нэһилиэнньэ көҕүлээһинин өйүүр бырагыраама чэрчитинэн үгүс үлэ ыытыллыбыт. Ол курдук…
Сэтинньи 15 күнүттэн “Арассыыйа – мин устуоруйам” историческай пааркаҕа “Золото рядом” быыстапка үлэтин саҕалыаҕа. Тэрээһин…
Бу күннэргэ тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтииптэрин өйүүргэ туһуламмыт Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин Гранын кыайыылаахтара ааттаннылар. Тыа хаһаайыстыбатын…
Бүгүн, сэтинньи 14 күнүгэр, Нам улууһун дьарыктаах буолуу киинигэр байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ…