Салгыы
Дьокуускайга «Республика Саха (Якутия) в цифрах» кинигэ быыстапката аһылынна

Дьокуускайга «Республика Саха (Якутия) в цифрах» кинигэ быыстапката аһылынна

20.09.2023, 17:12
Хаартыска видеоттан скриннэннэ
Бөлөххө киир:

Бүгүн Дьокуускай куорат Национальнай бибилэтиэкэтигэр Саха сиригэр статистика төрүттэммитэ 170 сылыгар аналлаах «Республика Саха (Якутия) в цифрах» кинигэ быыстапката аһылынна.

Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо 1861 сылтан саҕалаан тахсыбыт статистическай таһаарыылары кытары билсэр кыахтаннылар. Быыстапкаҕа Саха сирин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын көрдөрөр биэрэпис уонна чинчийиилэр түмүктэрэ, статистическай хомуурунньуктар, дакылааттар уонна бүлүтүөннэр көрдөрүллүбүттэр.

Быыстапка Национальнай бибилэтиэкэ историческай саалатыгар балаҕан ыйын 19 күнүттэн алтынньы 10 күнүгэр диэри туруо диэн Сахастат тэрилтэ иһитиннэрэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: