Салгыы
Дьокуускайга икки эрэгийиэннээҕи суолу туттардылар

Дьокуускайга икки эрэгийиэннээҕи суолу туттардылар

Ааптар:
24.12.2024, 11:15
Бөлөххө киир:

2024 сылга Дьокуускай территориятыгар «Умнас» уонна «Нам» эрэгийиэннээҕи айан суоллары саҥардыыга икки учаастага үлэҕэ киллэриллибитэ.

Суол үлэлэрэ «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн ыытылыннылар. Бу туһунан Саха сирин суолларын управлениетын пресс- сулууспата иһитиннэрэр. Сакаасчытынан Саха сирин ссуолларын управлениета уонна «Главстрой» МУК буолаллар. Генеральнай бэдэрээтчит — «Саха суоллара» «Умнас» айан суол САУо. 11,8-20 км  учаастагар саҥардыы туһунан быһаарыы Өлүөнэ эбэни туоруур күргэни тутууга учуоттанан оҥоһулунна.

Суол үлэлэрэ 2022 сылтан саҕаланан эбийиэги туттарыы былааннаах болдьоҕун иннинэ түмүктэммитэ. Айан суол 8,2 км оройуон суолталаах магистральнай уулуссатын категориятыгар киирбитэ. Суолга куттала суох буолууга тротуардар, 12 оптуобус тохтобуллара, 302 суол бэлиэтэ, 579 уот баҕаната, 75 светофор, ону таһынан олорор сектор өттүттэн тыаһы-ууһу хомуйар экран туруоруллубута.

«Нам» айан суолу саҥардыы 2021 сылтан икки түһүмэҕинэн ыытыллыбыта. 2022 сыллаахха «Нам» эрэгийиэннэҕи суол 11,4-18,5 км бастакы учаастага  арыллыбыта. Айан суол саҥардыллыбыт 7,2 км учаастага Дьокуускай куораты Үс Хатыҥ этнокомпексы кытта холбообута.

Ол кэннэ суол саҥардыыта 2023 сыллаахтан салҕаммыта. Иккис комплекс 7,9- тэн 11,4 км диэри уһуннаах суол болдьоҕуттан биир сыл ининэ туттарыллыбыта. Айан суол түөрт балаһалаах оройуон суолталаах магистральнай уулуссатын категориятыгар ылыллыбыта. Бырайыагынан суол 7 тохтобул былаһааккалаах, тротуардардаах, 346 суол бэлиэлээх, 271 уот баҕаналаах уонна 66 светофордаах. Манна даҕатан эттэххэ, 2025 сылтан Саха сиригэр суоллары нормативтарыгар тиэрдии «Инфраструктура для жизни» национальнай бырайыак иһинэн салҕаныа.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
27 декабря
  • -38°C
  • Ощущается: -45°Влажность: 67% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: