Дьокуускайга саахалланар туруктаах дьиэттэн дьону көһөрүүнү Бастрыкин хонтуруолга ылла

Share

РФ Силиэстийэлиир кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Бастрыкин Дьокуускайга  саахалланар туруктаах дьиэттэн көһөрүүгэ олохтоохтор бырааптара кэһиллибитин туһунан үҥсүүнэн ыытыллар процессуальнай бэрэбиэркэ түмүгүн дакылааттыырга сорудахтаата.

Бу туһунан Саха сиринээҕи силиэстийэлиир кэмитиэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Дьиэттэн көһөрүү уһаабытын туһунан Халтурин уулуссаҕа турар дьиэ олохтоохторо үҥсүү түһэрбиттэр. 1957 сыллаахха тутуллубут дьиэ 2014 сыллаахха саахалланар туруктааҕынан билиниллибит, ол эрээри кэлин бу быһаарыыны көтүрбүттэр.

Олохтоохтор үс сыл тухары быһаарыыны хаттаан көрөргө туруорсубуттар, ол түмүгэр 2017 сыллаахха дьиэ эмиэ саахалланар туруктааҕын ыстаатыһа иҥэриллибит. Ол да буоллар, эбийиэги көһөрүү биир да бырагыраамаҕа киллэрбэтэхтэр. 2024 сыллаахха суутунан саахалланар туруктаах дьиэттэн олохтоохтору сыл аҥаарын иһинэн көһөрөргө эбээһинэстээбит. Билиҥҥэ диэри бу быһаарыы толорулла илик.

Recent Posts

  • Сонуннар

11 ый иһигэр 9,5 тыһ. кырачаан күн сирин көрдө

Саха сиригэр 9514 оҕо төрөөтө. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ 2014 сылтан нэһилиэнньэ ахсаана үрдүү турар Уһук Илин…

9 часов ago
  • Аҕа дойдуну көмүскээччи сыла
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирэ дьоруойдарынан киэн туттар

Саха сирэ хорсун-хоодуот дьонунан аатырар. Саха сирэ бэйэтин  устуоруйатыгар элбэх дьоруойу бэлэхтээбитэ, олор истэригэр Аҕа…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх
  • Чэгиэн

Оҕо этигэр-сиинигэр D битэмиин төһө элбэҕин босхо бэрэбиэркэлииргэ этии көтөхтүлэр

Хата бу бэрт этии буолбут. Билигин киһиэхэ ханнык битэмиин тиийбэтин бэрэбиэркэлэтээри дьон хастыы да тыһыынчаны…

9 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Буровой баазатыттан уоран сууттанна

Мииринэй оройуонун суута Ленскэй оройуонун 39 саастаах олохтооҕун улахан уорууга буруйдаата. Буруйдаах киһи тралга суоппардаабыт…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Нэһилиэгин бүтүн Арассыыйаҕа ааттатта

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төҥүлү нэһилиэгин урбаанньыта Иван Иванович Борисов туһунан “Саха сирэ” хаһыат саайтын нөҥүө…

10 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Аҕа дойдуну көмүскээччи – эн үрдүк ааккар сүгүрүйэбит!

Аҕыс уон сыл анараа өттүгэр, аан дойдуну аймаабыт, харах уута тохтуулаах Аҕа дойду Улуу сэриитэ…

10 часов ago