Дьокуускайга Саха казактарыгар гуманитарнай көмөнү оҥорууга 100-тэн тахса волонтер кытынна

Share

Бүгүн, олунньу 25 күнүгэр,  А.Е.Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр «Тыл уонна дьыала» норуоттар икки ардыларынааҕы түмсүү былаһааккатын чэрчитинэн, анал байыаннай дьайыыга кыттар Саха сирин казактарын өйөөһүҥҥэ аахсыйа буолла.

Аахсыйаҕа байыастарга гуманитарнай көмөнү оҥорууга араас тэрилтэлэртэн 100-тэн тахса волонтер кыттыыны ылла. Маскировочнай сеткалары, шлемнары уонна харысхаллары оҥордулар, итиэннэ истиҥиһирэх тыллааах суруктары бэлэмнээтилэр. 100-тэн тахса киһи байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар туох наадалааҕынан хааччыйарга бары кыһамньыларын холбоотулар. Чуолаан, Саха сирин казактарын этэрээттэрэ кытыннылар.

Хаартыска: ulus.media

«Биһиги, атын волонтердар ыстаабтарын курдук, байыастар көрдөһүүлэринэн үлэлиибит. Кинилэр биһиэхэ суруйаллар, туохха наадыйалларын этэллэр. Биһиги, оччотугар, барытын оҥоробут. Бу барыта  тыас-уус таһаарар, көстө эрэ сатыыр туһугар буолбакка, дойдубут Кыайыытын чугаһататарга уонна көмөлөһөргө сыалланар. Бүгүн биһиги Саха сириттэн казактар этэрээттэригэр көмөлөһөбүт», — диэн Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин ресурснай киинин салайааччыта Екатерина Егорова санаатын үллэһиннэ. Волонтердар түмсүү ыҥырыытынан кытыннылар. Сүрүннээн, бу орто уонна үрдүк үөрэх тэрилтэлэрин ыччата.

Аахсыйа күнүс икки чаастан саҕаланан, баҕалаахтары барыларын биир сиргэ түмтэ. Тэрээһин кэнниттэн, волонтерскай ыстааб салайааччыларыгар Махтал суруктар, итиэннэ кыттааччыларга Туоһу суруктар туттарылыннылар. Ол кэннэ «Казачья душа для всех одна» аһымал кэнсиэр ыытылынна. Кэнсиэргэ киирбит харчыны Саха казактарын этэрээттэригэр ыытыахтара.

Михаил Киселев

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

7 часов ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев Марат Хуснуллины кытта көрүстэ

Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…

7 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

8 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл 6 муоста тутулунна

2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…

9 часов ago