Дьокуускайга “Саха сирэ түмэр” Уһук Илиҥҥи ыччат II марафона саҕаланна

Share

Бу тэрээһин Дьокуускайга алтынньы 30 күнүттэн сэтинньи 1 күнүгэр диэри ыытыллар.

Тэрээһиҥҥэ ХИФУ устудьуоннарын түмсүүлэрэ, Саха сирин Ыччат Ассамблеята, Хабаровскай кыраай Ыччат Ассамблеята кытталлар.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин тас сибээскэ уонна норуоттар дьыалаларыгар миниистирин солбуйааччы Татьяна Пяткина  марафон кыттыылаахтарын эҕэрдэлээтэ. Кини бу тэрээһин норуоттары сомоҕолуурун уонна Саха сирэ бу дьыала сайдыытыгар улахан оруолун бэлиэтээтэ.

Пуорум ыалдьыттарынан Дагестан судаарыстыбаннай университетын ыччакка көхтөөх гражданскай позицияны иҥэриигэ боппуруостарын сүрүннүүр киинин салайааччыта Магомед Магомедов, “Хабаровскай кыраай норуоттарын ыччат Ассамблеята” Хабаровскай кыраайдааҕы уопсастыбаннай тэрилтэ бырайыактарын сүрүннээччи Екатерина Кукель буоллулар.

“Иитии, профилактика, ыччат бэлиитикэтин тиэмэлэринэн дьарыктанар субъектары кытта сөптөөх сыһыаны олохтуохха. Саха сиригэр иккис сырыым уонна эһиги араас таһымнаах тэрилтэлэри доҕордоһууга, сомоҕолоһууга түмэҕит диэн эрэллээхтик этэбин. Маннык киэҥ хабааннаах тэрээһиннэри былаас уорганнара, Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет, Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ уонна Ыччат Ассамблеята бары бииргэ үлэлээн, өйүүллэрэ хайҕаллаах”, — диэн бэлиэтээтэ Магомед Магомедов.

Марафон бүгүн АГАТУ-га  ыытылла турар. Устудьуоннар, преподавателлэр, эспиэрдэр, ыалдьыттар, конфессиялр бэрэстэбиитэллэрэ  “Духовное единство народа “ тиэмэҕэ кэпсэтэллэр.

Маны А.Е.Кулаковскай аатынан Норуоттар дооҕрдоһууларын дьиэтэ, СӨ Норуоттарын Ыччатын Ассамлеята – “Мы-Россияне” Арассыыйа Норуоттарын Ыччат Ассамблеята тэрийэллэр. Марафону СӨ Тас сибээскэ уонна норуоттар дьыалаларыгар министиэристибэтэ уонна СӨ Ыччат дьыалаларыгар уонна социальнай коммуникацияларга министиэристибэтэ өйүүллэр.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

Хаартыска: тустаах саайтан

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

5 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электроыстаансыйа (ГПУ)…

15 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

30 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Усуйаана улууһугар икки киһи сүппүт

Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…

34 минуты ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Доҕордуу көрсүһүүгэ икки хамаанда күөн көрүстэ

Уус Алдан улууһугар Тиит Арыыга 16 сылын доҕордуу көрсүһүү үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. Манна Тиит Арыыттан…

59 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Тускул: «Кэлэр нэдиэлэттэн улахан сылыйыы буолуоҕа»

Бу күннэргэ дойду бары сиригэр-уотугар өтөрүнэн бэлиэтэммэтэх сылыйыы буола турарын туһунан Арассыыйа Гидромет киинин научнай дириэктэрэ…

2 часа ago