Дьокуускайга Саха сирин 2024 сылга бастыҥ иитээччитин быһаарыахтара

Share

Дьокуускай куоракка кулун тутар 26 күнүгэр Үөрэҕи сайыннарыы уонна үрдэтии институтугар «Саха сиригэр сыл бастыҥ иитээччитэ-2024» XV идэтийии куонкуруһун үөрүүлээх аһыллыыта буолла.

Бүтүн Арассыыйатааҕы иитээччилэр куонкурстарын өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэҕэр 24 улуустан 26 иитээччи кыттыыны ылар. Кыттааччылар орто саастара 37 сыл, уопсай педагогическай ыстаастара 847-ттэн тахса сыл. Кыттааччылар саамай кыра педагогическай ыстаастара – 4 сыл, онтон саамай уһун – 26 сыл.

Куонкуруска 16 иитээччи, 4 музыкальнай салайааччы, физическэй култуура 4 инструктора, 1 педагог-психолог кытталлар. Куонкурус кыайыылааҕа Москва куоракка 2024 сыл күһүнүгэр Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкуруска кыттыаҕа.

Санатан эттэххэ, РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин оҕо көмүскэлигэр судаарыстыбаннай бэлиитикэни киэҥник тарҕатар сыалтан 2024 сылы – Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылынан биллэрбитэ. Оттон Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр 2024 сылы – Оҕо сылынан биллэрбитэ диэн СӨ Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-суулуспата иһитиннэрэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сирэ ойууру чөлүгэр түһэриигэ бастыҥ буолла

«Рослесхоз» официальнай саайтыгар ойуур култуураларын олордуутун сезонун түмүгэ таҕыста. Саха сирэ дойду бары эрэгийиэннэрин ортотугар…

6 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Хаҥалас Мохсоҕоллооҕор оскуола эбии дьиэтэ тутуллар

Хаҥалас Мохсоҕоллооҕор 450 миэстэлээх оскуола эбии дьиэтэ салгыы тутуллар. СӨ вице-премьера Дмитрий Садовников улэ хаамытын…

21 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ахсынньы 14-15 күннэригэр сылаас өрөбүл күннэр күүтэллэр

Саха сирин үгүс оройуоннарынан салгын температурата  нуорматтан ортотунан 3-тэн 10 кыраадыска тиийэ үрдүк буолара сабаҕаланар.…

29 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Госдуума ахсынньы 31 күнүн үлэлээбэт бырааһынньык күнүнэн оҥорортон аккаастанна

Бу иннинэ ЛДПР РФ Үлэ кодексыгар уларытыылары киллэрэри туруорсубута. Оччотугар ахсынньы 31 күнэ үлэлээбэт бырааһынньык…

36 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

“Дэриэбинэчээн” норуодунай аата көмүскэннэ!

Ахсынньы 11 күнүгэр Кэбээйи улууһун Мукучутааҕы "Дэриэбинэчээн" норуот тыйаатыра Кэбээйи нэһилиэгэр норуодунай аатын көмүскүү икки…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Бүлүүгэ дьахтар 32 киилэлээх гиирэни уонна аккумуляторы уорбут

Бүлүү оройуонугар полицияҕа олохтоох киһи дьиэтин иһиттэн маллары уорбуттарын туһунан сайабылыанньа суруйбут. Кини дьиэтиттэн 32…

2 часа ago