Дьокуускайга сахалыы тыыннаах Саҥа дьыллааҕы харыйа туруоҕа
07.11.2024, 09:00
Хаартыска: Дьокуускай куорат мэриятын пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:
Бүгүҥҥүттэн киин куорат Орджоникидзе аатынан болуоссатыгар 20 миэтэрэ үрдүктээх Саҥа дьыллааҕы саҥа харыйаны туруорууну саҕалыахтара, диэн Дьокуускай куорат мэриятын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Быйыл болуоссакка сахалыы тыыннаах саҥа харыйа баар буолуоҕа. Харыйаны хотугу табанан киэргэтиэхтэрэ, тулатын сахалыы оһуордарынан симиэхтэрэ. Чыпчаалыгар сахалыы «Биэс харах» харысхал быһыылаах төгүрүк оһуорданыа. Ону сэргэ Орджоникидзе болуоссатыгар фонтан көстүүтэ саҥардыллыаҕа – сахалыы кытыйа иһит быһыыланыа.
20 миэтэрэ үрдүктээх оҥоһуу харыйаны туруорууга ортотунан икки нэдиэлэ наада. Дойду бастакы Саҥа дьыллааҕы харыйатын уматыы «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл чэрчитинэн бу сыл ахсынньы 1 күнүгэр ыытыллыаҕа.
+1
7
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: