Дьокуускайга салгыны сууккаҕа үс төгүл чинчийиэхтэрэ
Дьокуускайга, атырдьах ыйын 22 күнүнээҕи туругунан, салгыҥҥа химичэскэй эттиктэр муҥутуур концентрациятын көрдөрүүтүн (ПДК) куоһарбата.
Чинчийиилэр сууккаҕа үс төгүл ыытыллыахтара. Бу туһунан Саха сиринээҕи Роспотребнадзор управлениетыгар иһитиннэрдилэр.
«Атырдьах ыйын 22 күнүгэр Дьокуускайга сарсыарда 09:00 чааска 16 салгын боруобата чинчийилиннэ. Мантан салгыҥҥа химичэскэй эттиктэр муҥутуур концентрациятын көрдөрүүтүн куоһарбата. Киин куоракка буруо тарҕаммытынан сибээстээн чинчийиилэр сууккаҕа үс төгүл ыытыллыахтара», — диэн управлениеҕа иһитиннэрдилэр. Ааспыт сууккаҕа барыта салгын 33 боруобата ылыллыбыт. Дьокуускайтан ураты салгын боруобатын чинчийиитэ Сунтаарга, Ньурбаҕа, Ленскэйгэ, Покровскайга уонна Нерюнгрига оҥоһуллубут. Биир да ылыллыбыт боруобаҕа химическэй эттиктэр нуорманы куоһарыыта бэлиэтэммэтэх. Ону сэргэ Роспотребнадзор дааннайынан, атырдьах ыйын 22 күнүнээҕи туругунан улуустарынан буруо тарҕаныыта регистрацияламматах.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: