Дьокуускайга саҥа баанньык аһыллыаҕа
Дьокуускайга бу сыл бүтүөр диэри өссө биир баанньык үлэҕэ киллэриллиэҕэ. Ол курдук, Мархаҕа урукку «Факел» атыы-эргиэнин дьиэтин оннугар 100 миэстэлээх баанньык аһыллыаҕа.
Бу атыы-эргиэн дьиэтэ ааспыт 90-с сыллартан быраҕыллан турбута. Бырайыагы чааһынай инвестор «Бизнес-инфо» ХЭУо олоххо киллэрэр. Бырайыак уопсай суумата 133 мөл. солк.
Бүгүн сарсыарда Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев эбийиэги саҥардыы үлэтин хаамыытын билистэ. Билиҥҥитэ эбийиэк 98 бырыһыана бэлэм. Туһааннаах тэрил, мал-сал атыылаһыллыбыт, уу ситимнэригэр холбооһун үлэтэ ыытыллар.
— Саҥа баанньык өҥөтүнэн Марха эрэ дьоно буолбакка, атын оройуоннар олохтоохторо эмиэ хото туһаныахтара диэн эрэллээхпин. Манна сорох категория гражданнарга чэпчэтии олохтонуоҕа, — диэн куорат баһылыга телеграмҥа суруйда.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: