Сарсын Дьокуускайга сылыйар
12.11.2022, 10:18
Бөлөххө киир:
Бу өрөбүллэргэ Дьокуускайга уонна Саха сирин соҕуруу өттүгэр халлаан биллэрдик сылыйыа.
Саха сиринээҕи гидрометеокиин иһитиннэрбитинэн, бу өрөбүллэргэ хотугулуу-илин, илин уонна соҕуруу хаар түспэт. Соҕуруулуу-арҕаа уонна киин оройуоннарга хаардыаҕа. Өлүөнэ алын өттүгэр уонна арҕаа, соҕуруулуу-арҕаа сөкүүндэҕэ 9-14 миэтэрэ уонна Мииринэйгэ сөкүүндэҕэ 15 миэтэрэ түргэннээхтик тыалырыа. Түүнүн 22-27 кыраадыс тымныйыаҕа. Өймөкөөҥҥө түүнүн 40-45 кыраадыс, Арктика кытылынан кыратык хаардыа, 25-30 кыраадыс тымныы буолуоҕа. Бүгүн Дьокуускайга былытырар, күнүһүн -14 кыраадыс буолар. Сэтинньи 12 күнэ буолар түүнүгэр хаардаабат, 19 кыраадыс тымныйар. Сарсын, сэтинньи 13 күнүгэр, киин куоракка күнүһүн халлаан -4, -6 кыраадыс буолар.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: