Дьокуускайга “Сэдэх экспонаттар” быыстапкаҕа 18 тыһыынча кэриҥэ киһи сырытта

Share

Емельян Ярославскай аатынан түмэлгэ кулун тутар 20 күнүттэн бэс ыйын 10 күнүгэр диэри “Сэдэх экспонаттар” быыстапка үлэлээтэ, онно өрөспүүбүлүкэ 20 түмэлэ саамай сэдэх, историческай өттүнэн дириҥ суолталаах экспонаттарын туруордулар. СИА-ҕа түмэл быыстапкалыыр секторын сэбиэдиссэйэ Марианна Стручкова иһитиннэрбитинэн, бу кэм устата манна 18 тыһыынча кэриҥэ киһи сылдьыбыт.

“Быыстапканы 17993 киһи көрдө, бу оскуолаҕа киирэ илик оҕолор, оскуола үөрэнээччилэрэ, устудьуоннар, улахан дьон уонна тас дойдулартан кэлбит ыалдьыттар. Үөрэнээччилэргэ уонна оҕо лааҕырдарын иитиллээччилэригэр үгүс экскурсиялары оҥордубут. Ону тэҥэ Түмэл норуоттар икки ардыларынааҕы күнүгэр анаммыт нэдиэлэ буолан ааспыта. Онно биир күн устата быыстапкаҕа икки тыһыынчаттан тахса киһи кэлбитэ. Экспозиция ыам ыйын 20 күнүгэр диэри үлэлиэхтээх этэ, ону дьон көрдөһүүтүнэн бэс ыйын 10 күнүгэр диэри уһаппыппыт”, — диэн Марианна Стручкова санаатын үллэһиннэ.

Быыстапка тустаах мусуой уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи “Саха сирэ” хаһыат холбоһуктаах бырайыактарынан буолар. Сыл устата хаһыакка араас түмэллэртэн саамай сэдэх экспонаттар тустарынан ыстатыйалар бэчээттэммиттэр. Бырайыагы дьон сэҥээрбитэ, ол иһин быыстапканы Емельян Ярославскай аатынан мусуойга туруорарга былааннаммыта.

Айаал Аргунов (СИА)

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Вместе с Айсеном Николаевым» биэрии саҥа таһаарыытын көрүҥ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр,  19:00 чаастан  "Россия 24" телеханаалга  «ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.…

1 час ago
  • Интервью
  • Сонуннар

«Бугул»: «Олох онно барыбытыгар – биир»

Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…

2 часа ago
  • Сонуннар

Дьуһуурунай борокуруор: быһаҕынан анньыллыы, наркотигынан эргинии…

Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Арассыыйаҕа Ийэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ

Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан Ийэ күнүнэн  эҕэрдэлээтэ. -…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн хаар түһүөҕэ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр  хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…

4 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

15 часов ago