Дьокуускайга сэдэх крестовик ооҕуй көһүннэ
Дьокуускай куорат олохтооҕо Бүлүү трассатыгар сэдэх улахан ооҕуйу тутта.
Эр киһи улахан ооҕуйу өстүөкүлэ бааҥкатыгар уган, хаартыскаҕа түһэрэн СИА-ҕа ыытта. Кини этэринэн, маннык ооҕуйу бастакы төгүлүн көрсөр буолбатах. «Якутия» технопарк резидена, биолог Евгений Попов быһаарбытынан, бу икки см тиийэ улааппыт «крестовик» ооҕуй Саха сиригэр олус сэдэх.
«Бу ооҕуй Araneus көрүҥэ — крестовик ооҕуй. Бу биис үөннэргэ 600- тэн тахса ооҕуй көрүҥэ киирэр, уратыларын профессиональнай арахнолог эрэ быһаарар. Крестовик ооҕуй ыарыылаахтык ытырар, ол эрэн киһиэхэ куттала суох. Саха сиригэр үксүгэр аҕыс мм кэриҥэ кээмэйдээх эрэ буола үөскүүллэр, сороҕор икки см тиийэ улаатыан сөп, онон хаартыскаҕа улахан сэдэх ооҕуй көстөр», — диэн Евгений Попов кэпсээтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: