Москваҕа быһа көтүү саҕаланна
«Якутск» аэропорт саҥардыллан оҥоһуллубут сөмөлүөт түһэр-көтөр балаһата үлэҕэ киирдэ.
Онон Москваҕа быһа көтүү саҕаланна. «Якутия» авиахампаанньа бастакы рейсин оҥордо. Маны сэргэ, S7 авиахампаанньа Дьокуускай-Москва-Дьокуускай рейсинэн күн ахсын көтөр.
«Аэрофлот» авиахампаанньа алтынньы 14 күнүттэн Дьокуускай-Москва-Дьокуускай маршрутунан быһа көтүүнү саҕалыа. Нэдиэлэҕэ үстэ: бэнидиэнньиккэ, бээтинсэҕэ уонна субуотаҕа салгын ааллара көтүөхтэрэ. Дьокуускайтан 13.50 ч. көтөр.
Алтынньы 30 күнүттэн 150 пассажиры таһар Bоeing 737-800 салгын ааллара көтүөхтэрэ. Рейстэр өрөбүлтэн (нэдиэлэ сэттис күнүттэн) ураты толоруллуохтара. Дьокуускай аэропуордуттан 08.55 ч. көтүөҕэ, Москваҕа тиийиитэ 09.45 ч.
Санатан эттэххэ, Былатыан Ойуунускай аатынан «Якутия» норуоттар икки ардыларынааҕы аэропуорка сөмөлүөт көтөр-түһэр балаһатын саҥардан оҥоруу үлэтэ ыытыллыбыта, үлэлэтэргэ көҥүл бэриллибитэ.
Билигин дойдуга «Комплексный план модернизации и расширения магистральной инфраструктуры» национальнай бырайыак иитинэн аэродромнарга 35 эбийиэги саҥалыы уларытан оҥоруу үлэтэ ыытыллар. 2023 сыл бүтүөр диэри Черскэй, Уус Ньара, Нерюнгри, Петропавловскай-Камчастскай (Елизово), Томскай (Богашёво) уо.д.а. аэродромнарга саҥалыы уларытан оҥоруу үлэлэрэ түмүктэниэхтээхтэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: