Дьокуускайга Шишкин быыстапката аһылынна
Национальнай художественнай мусуойга аатырбыт худуоһунньук Иван Шишкин быыстапкатын аһыллыыта буолла. Быыстапкаҕа Татарстан Судаарыстыбаннай уус-уран ускуустуба мусуойун пуондатыттан 83 ураты хартыына көрдөрүүгэ туруоруллубут.
Быыстапка арыллыытыгар Ил Дархан Айсен Николаев сырытта.
— Мусуой саҥа салалтатын көдьүүстээх үлэтин түмүгэр, Саха сиригэр ураты быыстапкалар буолар буоллулар. Былырыын Третьяковскай галерея быыстапката ситиһиилээхтик барбыта. Иван Шишкин айымньыларын биһиги кыра эрдэхпититтэн билэбит. Ону илэ кэлэн көрүү, улуу худуоһунньук өлбөт-сүппэт айар үлэтигэр сыстыы элбэҕи биэрэр. Бу Татарстаҥҥа баар Шишкин быыстапката Третьяковскай галерея уонна Нуучча мусуойун кэнниттэн, дойдуга үһүс улахан мунньуу буолар. Татарстан салалтатыгар, култуураҕа министиэристибэтигэр, Татарстан Судаарыстыбаннай уус-уран ускуустуба мусуойугар махталбын биллэрэбин, — диэн кини эттэ уонна миниистиргэ, мусуой дириэктэригэр Махтал суруктары туттарда.
Быыстапка Саха сирэ уонна Татарстан бииргэ үлэлэһэргэ сөбүлэһиини олоххо киллэрии чэрчитинэн ыытыллар. Сөбүлэһиигэ Айсен Николаев уонна Рустам Минниханов 2021 сыллаахха илии баттаабыттара.
— Саха Өрөспүүбүлүкэтин аҕа баһылыгар махталбытын биллэрэбит, бу маннык улахан, далааһыннаах бырайыактар эрэгийиэн салалтатын болҕомтото суох кыаллыбаттар. Мин Саха сиригэр хаһыс да сырыым, кэллэҕим ахсын, таһырдьа хас да кыраадыс буоллун, биһигини аймахтарын курдук сылаастык көрсөллөр, — диэн Татарстан култуураҕа миниистирин солбуйааччы Дамир Натфуллин эттэ уонна Ил Дархаҥҥа Рустам Минниханов аатыттан Эҕэрдэ суругу, сувениры туттарда.
Быыстапкаҕа анаан 33 живопись, 50 графика хартыыналара талыллыбыттар. Графиканы икки түһүмэҕинэн көрдөрүөхтэрэ, үс ыйынан экспозиция уларыйыахтаах диэн ирдэбил баар.
Маны тэҥэ, быыстапкаҕа Саха сирин Национальнай художественнай мусуойун пуондатыгар баар Шишкин хартыыналарын: «Сумерки» (1883), «Сельский пейзаж» (1870), «Буковая роща» (1870), «За дичью» (1873), «Ай-Петри» (1882), «Гурзуф» (1885), «Темный лес» (1885) эбии туруордулар.
Иван Шишкин сүрүннээн ойууру, пейзажтары дьүһүйэрэ биллэр. Национальнай художественнай мусуой Криолитозона биологическай кыһалҕаларын институтун Ботаническай саадын кытта интерактивнай муннугу оҥордулар. Манна мастары, туораахтары, сэбирдэхтэри, лабаалары тутан-хабан көрүөххэ сөп. Өссө анал иһиттэргэ баар мутукча, сибэкки, араас оттор дыргыл сыттарын сыттыахха сөп.
Бу улахан бырайыак Национальнай художественнай мусуой 95 сылыгар ананна. Сэтинньигэ Саха сиригэр аан бастаан Эрмитаж күннэрэ буолуохтара.
Иван Шишкин быыстапката муус устар 7 күнүттэн балаҕан ыйын 30 күнүгэр диэри туруоҕа.
Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: