Дьокуускайга SMART-поликлиника графиктан эрдэлээн тутулла турар
“ВИС” бөлөх Саха сиригэр саамай улахан мэдиссиинискэй комплексы – Гагарин оройуонугар 2 №-дээх куорат балыыһатын 6 этээстээх поликлиникатын тута сылдьар.
Күн бүгүн дьиэ көҥдөйө бүтэн, түннүгэ-үөлэһэ сабыллан, бээтинсэҕэ итиитэ бэриллибит. Тутуу графигын куоһаран иһэбит, дииллэр хампаанньаҕа.
Ааспыт сезоҥҥа алта этээс, эстакада уонна туһунан алта массыынаны туруорар ичигэс сир тутуллубуттар. Дьиэ тас өттө оҥоһуллубут, өстүөкүлэлэммит, иһинээҕи сылытар систиэмэтэ таҥыллыбыт, онон кыһын устата холкутук ис үлэтин оҥорор кыахтаммыттар. Билигин быыстары туруора, инженернэй коммуникацияны тарда сылдьаллар. Маны сэргэ дьиэни тас өттүттэн сылытыы, бүрүйүү бара турар. Эбийиэккэ 90 киһи үлэлиир, тутуу бэлэмэ 55%-тан тахсыбыт.
Саҥа поликлиника биир сиргэ исписэлиистэри барытын түмэн, саҥа аныгы оборудованиенан үлэлииллэригэр, диагностическай комплекс быһыытынан ыарыыны саҥа саҕаланан эрэр кэмигэр биллэллэригэр кыаҕы биэриэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: