Дьокуускайга «Спортивнай» микро-түөлбэ бастакы сыбаайата түстэ

Share

Дьокуускайга «Спортивнай» микро-түөлбэ бастакы дьиэтин сыбаайата түстэ. Саҥа түөлбэҕэ 14 тыһыынчаттан тахса киһи олоруоҕа. Бу туһунан СИА суруйар.

Хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматынан манна «2», «4» уонна «17» кыбартаал олохтоохторо көһүөхтэрэ. Былаан быһыытынан, 161 элбэх кыбартыыралаах дьиэ көтүрүллэн, ол миэстэтигэр 46 элбэх этээстээх дьиэ, икки уһуйаан, икки оскуола, элбэх функциялаах спортивнай комплекс тутуллуохтаах.

«Дьокуускайга хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматын иккис түһүмэҕэ ситиһиилээхтик олоххо киирэр. 2017 сыл иннинэ хаарбаҕынан билиниллибит дьиэлээх дьону барыларын көһөрөбүт. Үһүс түһүмэҕи күүппэккэ, дьоҥҥо билигин көмөлөһөр сорук турар. 2032 сылга Дьокуускайга биир даҕаны хаарбах дьиэ суох буолуохтаах диэн сыаллаахпыт. Бу Ил Дархан Айсен Николаев ыйааҕар суруллубута», — диэн Дьокуускай баһылыга Евгений Григорьев эттэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago