Салгыы
Дьокуускайга «Стройиндустрия Севера. Энергетика.ЖКХ» быыстапкаҕа сылдьыҥ

Дьокуускайга «Стройиндустрия Севера. Энергетика.ЖКХ» быыстапкаҕа сылдьыҥ

Ааптар:
27.02.2024, 17:22
Хаартыска sakha.gov.ru ылылынна
Бөлөххө киир:

Бүгүн, олунньу 27 күнүгэр, Дьокуускайга архитектура-тутуу пуорума саҕаланна. Бу тэрээһин иитинэн «Стройиндустрия Севера. Энергетика.ЖКХ» диэн эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы быыстапка буолар.

«Куруһаала» эргиэн дьиэтин былаһааккатыгар Саха сириттэн уонна Арассыыйа 11 эрэгийиэниттэн  бэйэлэрэ оҥорбут бородууксуйаларын, тутуу саҥа матырыйаалларын, инженернэй чинчийиилэри билиһиннэрэллэр.

Быыстапка 20-тэн тахса сыл устата эрэгийиэҥҥэ дьоһуннаах суолталааҕын көрдөрөр. Тутааччылар уонна энергетиктэр, коммунальнай комплекс исписэлиистэрэ, поставщиктар уонна атыылаһааччылар, инженердэр, бизнес-уопсастыба бэрэстэбиитэллэрэ, былаас бэрэстэбиитэллэрэ олорорго тупсаҕай, табыгастаах дьиэни тутуу, хомунаалынай хаһаайыстыба салаатын сайыннарыы боппуруостарын түргэнник быһаарарга биир кэмҥэ, биир түһүлгэҕэ көрсөллөр, — диэн бэлиэтиир быыстапка бырайыагын салайааччыта Екатерина Малютина.

Манна араас саҥаны, сонуну билиһиннэрэри таһынан, дьыалабыай бырагырааматынан быыстапка олус интэриэһинэй. Ол курдук,  былаас бэрэстэбиитэллэрэ, тутуу, энэргиэтикэ, хомунаалынай хаһаайыстыба эйгэлэриттэн кыттыылаах сэминээрдэр, «төгүрүк остуоллар» ыытыллаллар.

Быыстапка үс күн буолар. Манна ким баҕарар сылдьыан, көрүөн сөп.

Быыстапка аадырыһа: Дьокуускай, Аммосов уул. 1, «Куруһаала». Сарсыарда 10:00 ч. 18:00 ч. диэри.

Тэрийэр кэмитиэт:  +7(4112) 42-24-02.

СӨ Ил Дарханын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: