Дьокуускайга суох саахалыгар 26 саастаах кыыс өллө
30.09.2023, 12:15
Бөлөххө киир:
Сарсыарда түөрт чаас саҕана Дьокуускайга Вилюйскай переулокка киһи өлүүлээх массыына саахала буолла. Массыына тимир күрүөҕэ түһэн эргийбит, ол содулугар 26 саастаах кыыс олоҕо быһынна диэн Саха сиринээҕи ГИБДД пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
«Вилюйскай переулокка суол өрөмүөнэ буола турар учаастагар суоппар массыынатын сатаан салайбакка тимир күрүөҕэ кэлэн түспүт. Массыынаҕа саахал кэмигэр 28 саастаах уол уонна 26 саастаах кыыс олорсон испиттэр. Кыыс миэстэтигэр тыына быстыбыт», — диэн ИДьМ ГИБДД ДПС Саха сиринээҕи салаатын специализированнай батальонун хамандыыра Алексей Кривошеев этэр.
Уол ыарахан эчэйиилэрдээх балыыһаҕа киирдэ. Силиэстийэлиир уорганнар быһылаан тула бэрэбиэркэни ыыталлар.
+1
+1
+1
+1
+1
8
+1
1
+1
2
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: