Салгыы
Дьокуускайга суол саахалыгар оҕолор эчэйдилэр

Дьокуускайга суол саахалыгар оҕолор эчэйдилэр

Ааптар:
31.07.2023, 14:38
Хаартыска: Дьокуускайдааҕы Госавтоинспекция
Бөлөххө киир:

Дьокуускайга Очиченко уулуссаҕа Regulmoto 20 матасыыкыл уонна «Тойота Хайс» мааркалаах массыына харсыһыыларын түмүгэр икки оҕо эчэйдэ. Бу туһунан куораттааҕы Госавтоинспекция иһитиннэрэр.

Быһылаан от ыйын 30 күнүгэр күнүс 14:00 чаас диэки буолбут. Матасыыкылы 17 саастаах кыыс ыытан испит, оттон 16 саастаах пассажир олорсо сылдьыбыт. Бу оҕолор Авиационнай уулусса диэки айаннаан иһэннэр, Очиченко уулуссаҕа баар шиномонтажтан тахсан иһэр массыынаҕа кэтиллибиттэр.

Саахалга матасыыкылллаах кыыс мэйиитин доргуппут, атаҕын тарбаҕын тоһуппут уонна тоҥолоҕун эчэппит. Пассажира кыра эчэйиилэри ылбыт. Иккиэннэригэр амбулаторнай эмтэниини анаабыттар. Оттон  «Тойота Хайс» массыына 49 саастаах суоппара доруобуйатын туруга этэҥҥэ.

Бэрэбиэркэ түмүгэр биллибитинэн, кыыс матасыыкыл ыытар бырааба суох эбит. Саахал кэмигэр шлемнаах олорбут, оттон пассажира — шлема суох.

Буолбут быһылаан тула административнай бэрэбиэркэ ыытыллар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 января
  • -41°C
  • Ощущается: -48°Влажность: 66% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: