Дьокуускайга «Сыыппара алмааһа» III федеральнай пуорум буолуоҕа
Дьокуускайга сэтинньи 12-13 күннэригэр «Үлэ кыбаартала» креативнай кластерга сыыппара экэниэмикэтигэр лидердэр кыттыылаах «Сыыппара алмааһа» III федеральнай пуорум буолуоҕа.
Тэрээһин сүрүн тиэмэтинэн эрэгийиэннэр сыыппараҕа уларыйыылара дойду сайдыытыгар инники сорук быһыытынан көрүллүөҕэ. Сыыппара алмааһа – бу федеральнай таһымнаах Арассыыйа бородууксуйатын уонна IT эйгэтигэр саҥа арыйыылары киэҥ араҥаҕа тарҕатыыга эспиэрдэр былаһаакката.
Дьыалабыай бырагыраама түөрт түһүмэхтээх: «Цифровое и инновационное развитие», «Цифровой контент», «Безопасность и телекоммуникации», «Образовательные технологии».
Тэрийээччилэр этэллэринэн, пуорум Арассыыйа 70 эрэгийиэнин, ону тэҥэ Кытайтан, Индияттан, Казахстантан уонна Узбекистантан кэлбит ыалдьыттары түмэр.
Бырагырааманан IT индустриятын исписэлиистэригэр уонна эспиэрдэригэр туһуламмыт 40-ча тэрээһиннэр ыытыллыахтара. Киэҥ далааһыннаах дьыалабыай бырагырааманы таһынан пуорум чэрчитинэн «Б8» акселератор финала уонна дойдубут софтарын уонна оборудованиетын быыстапката буолар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: