Салгыы
Дьокуускайга «Сыыппара алмааһа» III федеральнай пуорум буолуоҕа

Дьокуускайга «Сыыппара алмааһа» III федеральнай пуорум буолуоҕа

Ааптар:
01.11.2024, 18:15
Бөлөххө киир:

Дьокуускайга сэтинньи 12-13 күннэригэр «Үлэ кыбаартала» креативнай кластерга сыыппара экэниэмикэтигэр лидердэр кыттыылаах «Сыыппара алмааһа» III федеральнай пуорум буолуоҕа.

Тэрээһин сүрүн тиэмэтинэн эрэгийиэннэр сыыппараҕа уларыйыылара дойду сайдыытыгар инники сорук быһыытынан көрүллүөҕэ. Сыыппара алмааһа – бу федеральнай таһымнаах Арассыыйа бородууксуйатын уонна IT эйгэтигэр саҥа арыйыылары киэҥ араҥаҕа тарҕатыыга эспиэрдэр былаһаакката.

Дьыалабыай бырагыраама түөрт түһүмэхтээх: «Цифровое и инновационное развитие», «Цифровой контент», «Безопасность и телекоммуникации», «Образовательные технологии».

Тэрийээччилэр этэллэринэн, пуорум Арассыыйа 70 эрэгийиэнин, ону тэҥэ Кытайтан, Индияттан, Казахстантан уонна Узбекистантан кэлбит ыалдьыттары түмэр.

Бырагырааманан  IT индустриятын исписэлиистэригэр уонна эспиэрдэригэр туһуламмыт 40-ча тэрээһиннэр ыытыллыахтара. Киэҥ далааһыннаах дьыалабыай бырагырааманы таһынан пуорум чэрчитинэн «Б8» акселератор финала уонна дойдубут софтарын уонна оборудованиетын быыстапката буолар.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: