Дьокуускайга Тэхиньиичэскэй лиссиэйгэ миинэ уурбуттарын туһунан иһитиннэрии киирбит

Share

Ахсынньы 4 күнүгэр сарсыарда Дьокуускай куорат Тэхиньиичэскэй лиссиэй дьиэтигэр миинэ уурбуттарын туһунан иһитиннэрии киирбит.

Быраабы араҥаччылыыр уорганнара иһитиннэрбиттэринэн, иһитиннэрии сымыйа буолан таҕыста.

«Дэлби тэптэрии эттиктэрэ уонна тэрилэ көстүбэтэ. Миинэ иитиллибитин туһунан иһитиннэрии сарсыарда 10:30 чааска киирбит», — диэн быраабы араҥаччылыыр уорганнарга чуолкайдаатылар. Тэхиниичэскэй лиссиэйгэ билигин 11-с кылаастарга өйтөн суруйуу түмүк тургутуга ыытылларын туһунан иһитиннэрдилэр.

Дьокуускайга социальнай тэрилтэлэргэ миинэ иитиллибит туһунан хас да төгүл иһитиннэрии киирбит. Бэнидиэнньиккэ Дьокуускай куорат Сибээскэ уонна энэргиэтикэ кэллиэһин дьиэтигэр миинэ ууруллубут туһунан сымыйа сурах тарҕаммыта. Бу иннинэ «Туймаада» атыы-эргиэн дьиэтигэр миинэ уурбуттураны туһунан иһитиннэриилэр сымыйа буолаллара биллибитэ.

Санатан эттэххэ, дэлби тэптэрии туһунан сымыйа иһитиннэриилэри тарҕатыы иһин холуобунай эппиэтинэс көрүллэр. Буруйдаах киһи  500 тыһыынча солкуобайга диэри ыстарааптаныан  сөп, эбэтэр 3 сылга диэри болдьоххо күһэлэҥ үлэлэринэн хааччахтанар.

What’s your Reaction?
+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
5
+1
0
+1
5

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Норуот эмтиэкэтэ

Хатыҥ мүөттээх сэбирдэҕин чэйгэр кутан иһэ сырыттаххына, бүөргэр-быаргар туһалаах. Салаакка мэлдьи моркуоп, сүбүөкүлэ, оҕурсу, укуруоп…

5 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Эдэр сааһы эргитэн

Уус Алдан улууһугар култуура бэтэрээннэрин сэбиэтэ уопсастыбаннай түмсүү (бэрэссэдээтэл А. Е.Федорова) тэрийиитинэн, араас кэмҥэ култуура…

24 минуты ago
  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн – Оҕо уопсастыбаннай хамсааһынын күнэ

Саха сиригэр ахсынньы 5 күнүгэр ураты бырааһынньык бэлиэтэнэр – өрөспүүбүлүкэтээҕи Оҕо уопсастыбаннай хамсааһынын күнэ. 1992…

44 минуты ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Суоттулары «Аптаах бириэмэ» тэрээһин түмтэ

Суотту нэһилиэгэр "Кыһын Саха сириттэн саҕаланар" бырайыак чэрчитинэн харыйа уота сандааран тырымныырын көрсө бэртээхэй тэрээһин…

54 минуты ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Пригороднайдааҕы дьахтар сэбиэтэ: “Бэйэбит анал иистэнэр хостоннубут”

Бу күннэргэ Пригороднай сэлиэнньэ дьаһалтатын салайааччыта  Василий Егорович Пинигин өйөбүлүнэн дьахтар сүбэтэ бэйэтэ туспа анал…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Оҕолор уопсастыбаннай хамсааһыннарын күнүнэн Ил Дархан Айсен Николаев эҕэрдэтэ

Оҕолор уопсастыбаннай хамсааһыннарын күнэ — сылын ахсын Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ахсынньы 5 күнүгэр бэлиэтэнэр. Оҕолор уопсастыбаннай…

2 часа ago