Дьокуускайга төрүт омуктар тылларынан Бүтүн Арассыыйатааҕы этно-дьыктаан буолан ааста
Бэҕэһээ, олунньу 24 күнүгэр, СӨ Национальнай бибилэтиэкэ дьиэтигэр РФ Хотугу, Сибиир уонна Уһук Илин төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттарын тылларынан «Арассыыйа– норуоттар дьиэлэрэ» Бүтүн Арассыыйатааҕы этно-дьыктаан буолла. Тэрээһин аан дойдутааҕы Төрөөбүт тыл күнүгэр уонна дойдуга Дьиэ кэргэн сылыгар ананна.
Саха сирин Национальнай бибилэтиэкэтин былаһааккатыгар барыта 53 киһи сырытта. Кинилэр ортолоругар устудьуоннар, оскуола үөрэнээччилэрэ, учууталлар, уопсастыбаннай тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэрэ уонна төрүт тылларын таптааччылар кытыннылар. Кыттааччылар эбээн, эбэҥки, дьүкээгир, долган уонна чукча тылларынан дьыктаан суруйдулар.
Тэрийээччилэр: Санкт-Петербург куоракка РФ Хотугу, Сибиир уонна Уһук Илин төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттарын Ассоциациятын Саха сиринээҕи салаата, РФ хотугу, Сибиир уонна Дальнай Восток төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттарын Ассоциацията, СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ.
Этно-дьыктаан – аан дойду төрүт норуоттарын тылларын аан дойдутааҕы уон сылын чэрчитинэн уонна ЮНЕСКО көмөтүнэн ыытыллар. Бырайыак сыала-соруга — төрүт омуктар тылларын үөрэтиигэ уонна харыстааһыҥҥа болҕомтону тардыы, төрүт култуураларын үрдэтиигэ уонна ураты омук тылларын сайыннарыы. Быйыл этнографтар тиэмэлэрэ «Дьиэ кэргэн сыаннастара уонна мин норуотум үгэстэрэ» диэн буолла.
Дьыктаан үөрүүлээх аһыллыытыгар Ил Түмэн Төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттарын боппуруостарыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Елена Голомарева, СӨ төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттарын Ассоциациятын бастакы вице-бэрэсидьиэнэ Вячеслав Шадрин, доцент, РФ Хотугу уонна илин норуоттарын тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн Хотугу филологиятын кафедратын бэрэпиэссэрэ Варвара Белолюбская, уо.д.а. эҕэрдэ тыллары эттилэр.
Дьыктаан тиэксин лектор-экспертэр, төрөөбүт тыл учууталлара, учуонайдар аахтылар: Анна Татаева, Варвара Белолюбская, Надежда Николаева, Прасковья Бойтунова, Пелагея Туприна.
Дьыктаан түмүгүн кэлин иһитиннэриэхпит диэн СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин пресс-сулууспата суруйар. Бары кыттааччыларга туоһу суруктар туттарыллыахтара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: