Дьокуускайга туристическай түһээни киллэриэхтэрэ
Бүгүн, сэтинньи 27 күнүгэр, Дьокуускай куорат Дууматыгар 10-с сиэссийэ саҕаланна.
Бастакынан, Дьокуускай куорат дьокутааттара киин куорат устаабыгар уларытыылары киллэрии иһин куоластаатылар. Билигин ылыммыт уларытыылар иһигэр, өрөспүүбүлүкэ баһылыга муниципальнай тэриллии баһылыгар эбэтэр олохтоох дьаһалтаҕа быыгабар биллэрэр кыахтанар, онуоха эбии төрүөт баарынан олохтоох салайыныы бэрэстэбиитэллээх уорганнарыгар үлэтэ көдьүүһэ суоҕунан астаапкаҕа ыытар туһунан этиилээх тахсыан сөп буолар.
Иккиһинэн, Дьокуускайга туристическай түһээни киллэриэхтэрэ. Бу быһаарыыны Дьокуускай куорат Дууматын дьокутааттара өйөөтүлэр. Түһээн кээмэйэ гостиница оҥорор өҥөлөрүн сыанатыттан 1 %-тан итэҕэһэ суох буолуохтаах, ол эрээри күҥҥэ 100 солк. куоһарыа суоҕа. Түһээн Саха сирин олохтоохторуттан ураты, кэлии гражданнарга тарҕанар. Туристическай түһээнтэн киирбит үп-харчы туризм инфраструктуратын, ону тэҥэ киин куораты тупсарыыга туһуланыаҕа. Бу туһунан киин куорат дьаһалтата иһитиннэрэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: