СӨ Бастакы вице-премьерэ Дьулустаан Борисов бэрэссэдээтэллээх туруктаах сайдыыга V Хотугу пуоруму уонна ирбэт тоҥ ууллуутун, килиимэт уларыйыытын боппуруостарынан II аан дойдутааҕы кэмпэриэнсийэни тэрийэн ыытыыга мунньах буолла.
Балаҕан ыйын 24-27 күннэригэр Дьокуускайга ыытыллыахтаах туруктаах сайдыыга V Хотугу пуорум сүрүн тэрийээччилэринэн СӨ Бырабыыталыстыбата, Хотугу Пуорум уонна М.К. Аммосов аатынан ХИФУ буолуохтара. 2024 с. хос тэрийсээччилэринэн Андрей Мельниченко Үтүөнү оҥорор пуондата, АГИКИ, “Хоту сир: туруктаах сайдыы территорията” научнай-үөрэтэр киин, РНА СО П.И. Мельников аатынан Ирбэт тоҥу үөрэтэр институт буолуохтара.
“Төһө да Арктикаҕа, аан дойдуга уустук геополитическай балаһыанньа буолан турдар, туруктаах сайдыыга ыытыллар Хотугу пуорум – тутаах уонна олус күүтүүлээх эспээртиир былаһаакканан буолар. Хайыы-үйэ кыттааччылар дэлэгээссийэлэрэ хомуллан эрэллэр. Арктика боппуруостарыгар Саха сирэ баһылыыр-көһүлүүр оруоллааҕын бу былаһаакка көрдөрөр диэн бары билинэллэр уонна аан дойдутааҕы сибээстэри кэҥэтэргэ үлэлэһэллэр”, — диэн бэлиэтээтэ Хотугу пуорум ситэриилээх дириэктэрэ Владимир Васильев уонна бу тэрээһини РФ Тас дойдулар дьыалаларыгар министиэристибэтэ өйүүрүн бэлиэтээтэ. Итиэннэ быйыл Харбиҥҥа ыытыллыбыт Хотугу пуорумҥа атын дойдулартан сылдьар элбэх эспиэр бу пуорум бары кыттааччыларга аһаҕас соҕотох Арктикатааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы тэрилтэнэн буоларын эттэ.
“Биһиги «Климатическай форсайт» диэн Андрей Мельниченко Үтүөнү оҥорор пуондатын форсайт-сиэссийэтин ыытар былааннаахпыт”, — диэн иһитиннэрдэ Татьяна Журавлева.
«Туруктаах сайдыыга ыытыллар V Хотугу пуорум билиниини ылбыт аан дойдутааҕы тэрээһинэ буолар», – диэн Дьулустаан Борисов кичэйэн эттэ. Кини тэрээһин үрдүк таһымҥа ыытыллыахтааҕын, килиимэт уларыйыытын кыһалҕатын чинчийиигэ уонна Хоту сиргэ олорор дьон олохторун-дьаһахтарын тупсарар боппуруостары быһаарарга дойдулар икки ардыларыгар билим өттүнэн бииргэ үлэлээһин кэҥиэхтээҕин бэлиэтээн эттэ диэн иһитиннэрэр СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…