Дьокуускайга тутуу бөҕүн-саҕын сокуоннайа суох учаастакка тохпуттар

Share

Киин куорат килбэйэр киинигэр Окружной шоссе аттыгар сир учаастагар тутуу бөҕүн-саҕын сокуоннайа суох тохпуттар.

Хара санаалаахтар уопсайа икки тыһыынча квадратнай миэтэрэ кэриҥэ иэннээх сири киртиппиттэр. Ол туһунан Экология министиэристибэтигэр иһитиннэрдилэр.

Хаартыска:

Тулалыыр эйгэни, ол иһигэр ууну киртитии сир учаастагар Судаарыстыбаннай экологическай надзор Дьокуускайдааҕы кэмитиэтин исписэлиистэрэ таҕыстылар. Бэрэбиэркэ түмүгүнэн учаастак тухары дьиэни-уоту көтүрбүт тутуу тобохторун кэмэ-кээмэйэ суох ыспыттара быһаарылынна. Бөҕү-сыыһы муҥура суох сир учаастагар, аата-суола суох күөл кытыытыгар тохпуттар. Онуоха ааһа баран хара санаалаахтар, Экология министиэристибэтин чахчыларынан, сир учаастагын кэҥэтиигэ сөҕүмэр үлэни-хамнаһы ыыппыттар. Чинчийии матырыйаалларын сокуону кэһээччилэри быһаарыыга  быраабы араҥаччылыыр уорганнарга ыыттылар. Маны таһынан  биэдэмистибэ суруйарынан, аһаҕас кадастровай каартаҕа олоҕуран көрдөххө, сир учаастага муниципалитет бас билиитигэр баарын бэлиэтээтилэр.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
2
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago