Дьокуускайга түөрт массыына харсыһыылаах суол быһылаана таҕыста
21.08.2023, 12:46
Хаартыска: СИА саайтан
Бөлөххө киир:
Атырдьах ыйын 19 күнүгэр Дьокуускайга Кальвица уонна Халтурин уулуссалар быһа охсуһууларыгар түөрт массыына харсыһыылаах суол быһылаана таҕыста. Саахал буруйдааҕа быһылаан буолбут миэстэтиттэн массыынатын хаалларан куоппут.
ГИБДД иһитиннэрбитинэн, Toyota Filder мааркалаах массыына суоппара хаҥас өттүгэр бастакынан айанныахтаах Toyota Allion массыынаҕа суолу биэрбэтэх. Ол түмүгэр массыыналар харсыспыттар. Ол кэнниттэн, бу суоппар өссө икки массыынаҕа сааллыбыт — Lexus GX 470 уонна Mitsubishi Pagero. Биир киһи эчэйбит.
Быһылаан таһаарбыт киһи массыынатын онно хаалларан баран куоппут. Билиҥҥитэ ол суоппары көрдүүллэр.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: