Дьокуускайга тымныы күннэр тохсунньу бүтүөр диэри туруохтара
Саха сиринээҕи гидрометеокиин иһитиннэрбитинэн, Дьокуускай куоракка тохсунньу 23-30 күннэригэр томороон тымныылар туруохтара. Ол курдук, салгын температурата нуорматтан 7 кыраадыс намыһах буолуоҕа.
Сарсын, тохсунньу 24 күнүгэр, хотугулуу-илин, соҕуруу эргин хаардыыр, туманнаах буолар. Киин улуустарга, илин, хотугулуу-илин уонна Өлүөнэ алын тардыытыгар түүнүн 48-53 кыраадыс, арҕаа эргин 38-43 кыраадыс, күнүһүн 35-40 кыраадыс тымныйар. Халыма, соҕуруу эргин түүнүн 33-38, күнүһүн 30-35 кыраадыс тымныы буолуоҕа. Ол курдук, этиллибит сирдэргэ сылыйар. Арктика кытылынан түүнүн 35-40, күнүһүн 30-35 кыраадыс, оттон илин кытылынан түүнүн 30-35, күнүһүн 25-30 кыраадыс тымныы буолар.
Тохсунньу 25-26 күннэригэр Халыма улуустарыгар уонна арҕаа кыратык хаардыаҕа. Тохсунньу 26 күнүгэр Арктика кытылынан сөкүүндэҕэ 15-20 миэтэрэ түргэннээхтик тыалырыа. Киин улуустарга туманнаах, тымныы күннэр туруохтара. Түүнүн 43-48 кыраадыс тымныйар. Киин улуустарга, хотугулуу-арҕаа, хотугулуу-илин, соҕуруу эргин, соҕуруулуу-илин түүнүн 49-54 кыраадыс, күнүһүн 43-48 кыраадыс тымныйар. Арҕаа эргин түүнүн (хаардыыр буолан) уонна күнүһүн 36-41 кыраадыс, оттон Халыма эргин 29-34 кыраадыс тымныы буолара күүтүллэр.
Хаартыска — СИА.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: