Бэс ыйын 6 күнүгэр –улуу суруйааччы Александр Пушкин төрөөбүт күнүгэр Дьокуускайга А.С. Пушкин аатынан Нуучча драматическай тыйаатырыгар “Руслан и Людмила” остуоруйа премьератын көрдөрдүлэр.
Бу күн Нуучча тыйаатырын аттыгар баар А.С. Пушкиҥҥа анаммыт сквергэ, суруйааччы пааматынньыгар сүгүрүйдүлэр. Үгэс курдук, Пушкин «бэйэтинэн» таҥнан-симэнэн, кэлэ сырытта. Олус элбэх киһи кэлбит. Култуура, духуобунай сайдыы миниистирэ Юрий Куприянов тыл эттэ, сибэкки дьөрбөтүн уурда.
— Нуучча тылын күнэ — биһиги дойдубутугар ураты бырааһынньык. Нуучча тыла норуоттары сомоҕолуур. Биһиги бииргэбит, ол аата – күүстээхпит. Бу күн биһиги дойдубут бүтүннүү нуучча улуу бэйиэтэ, публициһа Александр Сергеевич Пушкин төрөөбүт күнүн бэлиэтиир. Кини аата аан дойдуга биллэр, кини аан дойду култууратын киэн туттуута буолар. Аныгы нуучча тылын олохтообут Александр Пушкин улуукан нэһилиэстибэни хаалларбыта. Кини хас биир тыла, кини өркөн санаата билигин да сүрэхтэри долгутар, — диэн миниистир эттэ.
Бу кэнниттэн Нуучча тыйаатырыгар оҕолорго, сүгүрүйээччилэргэ «Руслан и Людмила» испэктээкили босхо көрдөрдүлэр. Артыыстар көстүүмнэрэ дьэрэкээнэ, сыана кэтэҕэр видеонан дьүһүйэн остуоруйа тыынын тилиннэрбиттэрэ көрөөччүлэри сөхтөрдө. Чахчы, Пушкин остуоруйатын алыптаах эйгэтэ – былыргы славяннар, нуучча кинээстэрин кэмэ тиллэн кэлэргэ дылы буолла. Тиллэн кэллилэр улуу бухатыырдар, үрүҥ бытыктаах колдуннар, номоҕон чаҕар кыргыттар, модун кинээстэр…
Улуу Пушкин тыла-өһө ырыа курдук иһиллэр. Онон кыра оҕолору бу испэктээкилгэ хайаан да сырытыннарыахха наада эбит. Ол эрээри, испэктээкили ситэ көрдөрбөтүлэр, ортотугар тиийэн, бүтэн хаалла. Испэктээкил бүтүннүүтүн күһүн биирдэ көрдөрүөхтэрэ. Тыйаатыр сүрүн режиссера Андрей Габышев эппитинэн, испэктээкили оҕо остуоруйатын курдук буолбакка, нууччалыы фэнтези курдук көрдөрөн, славяннар төрүт култуураларын сэгэтэн көрдөрдүлэр.
Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…
“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…
LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…
Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…
Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга саамай…
Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…