Дьокуускайга “Уол оҕо күрэҕэ” Ил Дархан Куубага түмүктэннэ
Ыам ыйын 23 күнүгэр Ил Дархан бирииһигэр “Уол оҕо күрэҕэ” диэн ааттаах күрэхтэһии түмүктүүр оонньуулара аастылар. Уол оҕо күнүгэр анаммыт күрэҕи Саха сирин оскуолаларын бастакы кылааһын үөрэнээччилэрин икки ардыларыгар ыыттылар, көҕүлээччи тэрилтэнэн “Саха сирин аҕаларын түмсүүтэ” буолла. Оҕолору кытта кинилэр аҕалара эбэтэр эһэлэрэ, эбэтэр иитэр опекуннара саастарынан хааччаҕа суох күрэхтэһиигэ кытталлар.
Күрэх түҺүмэхтэрэ: салгын саатынан ытыы, дуобат, өрө тардыныы, хабылык, сүүрүү. Бирииһи “Саха сирин аҕаларын түмсүүтэ” уопсастыбыннай тэриллии туруорбут: 1-кы миэстэ – 50 000 солк., 2-ис миэстэ 30 000 солк., 3-үс миэстэ 20 000 солк. наҕарааданы туттулар.
Быйыл бастакы миэстэни Дьокуускай куорат национальнай гимназия үөрэнээччитэ Эрхан Габышев ылла, иккис миэстэҕэ Горнай улууһуттан кэлбит Сахамин Кириллин таҕыста, үһүс миэстэҕэ Нам улууһун оҕото Кирсан Спиридонов тигистэ.
Кыайыылаах Эрхан Габышев бирииһин байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын өйөөһүҥҥэ биэрэрин туһунан биллэрдэ. Бары кыттааччылар мэтээллэринэн, сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланнылар.
Бу күрэх сыл аайы ыытыллар тэрээһин буолара күүтүллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: