Дьокуускайга уонна өрөспүүбүлүкэ 10 улуустарынан буруо тарҕанар
Дьокуускайга уонна Амма, Бүлүү, Ньурба, Уус Маайа, Усуйаана, Горнай, Үөһээ Бүлүү, Өлүөхүмэ, Ленскэй уонна Мииринэй улуустарын 54 нэһилиэнньэлээх пууннарыгар ойуур баһаардарыттан буруо тарҕанара бэлиэтэнэр.
Ааспыт сууккаҕа Өлүөхүмэҕэ, Үөһээ Бүлүүгэ, Үөһээ Бүлүү Кэнтик нэһилиэгэр уонна Ленскэйгэ химическэй эттиктэр концентрацията муҥутуур көрдөрүүнү куоһарбытын быһаардылар. «Авиалесоохрана» суһал дааннайынан, от ыйын 16 күнүгэр Саха сиригэр 936 тыһ. га иэннээх сиргэ 165 ойуур баһаара турбут. Сууккаҕа 10 баһаара умуруоруллубут уонна биэс ойуур баһаара тохтотуллубут. Баһаары бохсууга 1 832 киһи уонна 157 тиэхиньикэ үлэлиир.
«Биэдэмистибэлэр сүрүн күүстэрэ нэһилиэнньэлээх пууннары көмүскээһиҥҥэ, ону тэҥэ ойуур баһаарын умуруорууга туһуланар. Арассыыйа ЫБММ баһаарынайдара уонна быыһааччылара хабыллынылар. Көтөр ааллары Мииринэй, Алдан уонна Өлүөхүмэ улуустарыгар үлэлэтэр былааннанар», — диэн иһитиннэрдэ ЫБММ Саха сиринээҕи кылаабынай управлениетын начаалынньыга Павел Гарин.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: