Дьокуускайга ураты идэлээх дьахталлары кытары көрүстүлэр

Share

Аан дойдутааҕы дьахталлар күннэрин иннинэ ураты идэлээх дьахталлар ыччаты кытары көрүстүлэр.

Араас эйгэҕэ үлэлиир – мэдиссиинэҕэ, авиацияҕа, успуорка тупсарыыга, үөрэхтээһиҥҥэ үлэлиир кэрэ аҥаардар аныгы үйэҕэ дьахтар оруолун туһунан дьүүллэстилэр.

Ыччат ураты идэлээх дьахталлар историяларын туһунан иһиттилэр. Көрсүһүүнү салайан ыыппыт Иван Луцкан ураты хорсун быһыыны, күүһү-уоҕу эрэйэр үлэлэргэ дьахтар оруолун бэлиэтээтэ.

Көрсүһүүгэ Аан дойдутааҕы дьахтар күнүн, Арассыыйаҕа ыал ийэтин, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын ийэлэрин, элбэх оҕолоох ийэлэри өйөөһүн туһунан дьүүллэстилэр. Тэрээһин кыттыылаахтара уопсастыбаҕа дьахтар оруолун туһунан үгүстүк эттилэр.

Бу күн Аҕа дойду көмүскээччилэрин дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин Саха сиринээҕи салаатын салайааччыта Марина Бахилина эҕэрдэ тылын эттэ.

«Эһиги ураты идэлээх дьоҥҥут. Мин итэҕэйэбин, эһиги бары олоххо уопуттаах дьоҥҥут уонна Аҕа дойду уонна өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар бэйэҕит кылааккытын киллэрэ сылдьар буолуохтааххыт. Эһигини кэлэн иһэр Аан дойдутааҕы дьахталлар күннэринэн эҕэрдэлиибин!», — диэтэ Марина Бахилина.

2019 с. өрөспүүбүлүкэҕэ пуортары саҥардыы барар. «Полярные Авиалинии» хампаанньа АН-2 сөмөлүөтүн иккис пилота Елизавета Нилова хайдах пилот буолбутун кэпсээтэ.

«Мин хаһан даҕаны бэйэм пилот буолбуппуттан хом санаабаппын. Мэлдьи үтүө суобастаахтык үлэлиир уонна идэтийбит исписэлиис буолуохпун баҕарарым. Ханна даҕаны көтөн тиийдэхпитинэ, Саха сиригэр инфрастурктура  сайдан иһэрэ көстөр», — диэн эттэ Елизавета Нилова.

Дойду көҥүл тустууга чөмпүйүөнэ, Арассыыйа успуордун маастара, «Азия оҕолоро-2008» оонньуулар кыайыылаахтара, тириэньэр уонна судьуйа ситиһиитин кистэлэҥнэрин кэпсээтэ.
«Миэхэ сыралаах дьарыгым, талааным уонна маастарыстыбам көмөлөстүлэр. Мин ийэм тустуунан дьарыктанарбын көҥүллээбэтэҕин үрдүнэн, кистээн дьарыктанан, билигин идэтийбит спортсменкабын. «Азия оҕолоро» оонньуулар өссө даҕаны аатырбыт спорсменнары бэлэхтиэхтэрэ диэн эрэнэбин», — диэтэ Виктория Барашкова.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Маны аах
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Бээтинсэ, 13-һэ»: Туох суолталааҕый?

Бүгүн бээтинсэ, ахсынньы 13 күнэ. Христианнар бу күнү туох да табыллыбат, дьоло суох күнүнэн ааҕаллар.…

30 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Покровскайга икки эр киһи быһаҕынан анньыллан балыыһаҕа киирдилэр

Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр  8 буруйу оҥоруу бэлиэтэммит. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата суруйар. Покровскай…

45 минут ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Ньурба улууһугар Саха сирин норуоттарын  IX Спортивнай оонньууларын көрсө саҥа эбийиэктэр тутуллуохтара

Спортивнай күрэхтэһии түмүктүүр чааһа 2027 сыл от ыйын 7-11 күннэригэр Ньурбаҕа буолуоҕа. Ньурба улууһугар 2027…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыыннаах харыйалар атыыга тахсыахтара

Тыыннаах харыйалар атыыга хаһан тахсыахтарай?  Ахсынньы 14  күнүттэн киин куорат "Якутлесресурс" баазатыгар, Кеша Алексеев аатынан…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Култуура
  • Сонуннар

Инники кирбиини сырдатар бэстибээл

Бу күннэргэ Дьокуускайга “Кино на службе Отечеству” норуоттар икки ардыларынааҕы көһө сылдьар бэстибээл ыытылла турар.…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Инники идэҕэ хардыы” эдэр чинчийээччилэр пуорум кыайыылаахтарын аата билиннэ

Ахсынньы 11-12 күннэригэр Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикумугар “Инники идэҕэ хардыы” эдэр чинчийээччилэр XVIII пуорумнара буолан…

2 часа ago