Дьокуускайга уунан хааччыйар турбаны уоттаатылар

Share

Дьокуускайга уу ситимин бүрүөһүнүн уоттаатылар.

Маннык бэһис түбэлтэ бэлиэтэннэ. Бу туһунан «Якутскэнерго» хампаанньаҕа иһитиннэрдилэр. Силиэстийэ чахчыларынан, Строительнай уокурукка от ыйын 13 күнүгэр Свердлов уулуссатыгар турар дьиэ таһыгар уу ситимин бүрүөһүнүн уоттаабыттар. Уот турбутун туһунан Саха ТЭЦ диспетчеригэр тыллаабыттар. Уокка пластик турбалар алдьаммытар. Тахсыбыт быһылаан түмүгэр бу уулуссаҕа турар дьиэҕэ быстах кэмҥэ уунан хааччыйыыны тохтоппуттар. Олохтоохтор икки чаастан ордук уута суох олордулар. Бу кэмҥэ өрөмүөн биригээдэтэ аварийнай-чөлүгэр түһэрэр үлэни ыытта.

Санатан эттэххэ, ыам уонна бэс ыйдарыгар Чиряев уонна Можайскай уулуссаларыгар турба бүрүөһүннэрин умаппыттара. «Якутскэнерго» иһитиннэриитинэн, Дьокуускайга итии уонна тымныы уунан хааччыйытыгар хааччахтааһын 180-тан тахса түбэлтэтэ бэлиэтэммит. Быһылаан үксүгэр Гагаринскай уонна Промышленнай уокуруктарынан тахсыбыт. Былырыын Дьокуускайга хас да төгүл турбаны уоттаабыт 47 саастаах урут сууттамматах эр киһини туппуттара.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
4
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago