Дьокуускайга «Время героев» бырагыраамаҕа талыыга дистанционнай пуун аһылынна

Share

«Аҕа дойдуну көмүскээччилэр»  судаарыстыбаннай пуонда филиалын баазатыгар Саха сиригэр «Время героев» үөрэх бырагырааматыгар хандьыдааттары талыы дистанционнай пууна аһылынна.

Бу туһунан от ыйын 12 күнүгэр пуонда филиалын ТГ-ханаалыгар иһитиннэрдилэр. «Время героев» — бу анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын сайыннарар бырагыраама. Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан РАНХиГС судаарыстыбаннай управлениетын Үрдүкү оскуолатын «Сенеж» мастарыскыайын баазатыгар олоххо киллэриллэр.

Бырагыраама бастакы үөрэх сүүмэрдээһинигэр Саха сириттэн Арассыыйа Дьоруойа Игорь Юргин талыллыбыта. Маны сэргэ эһиилги үөрэх сылыгар «Вагнер» ЧВК урукку үлэһиттэрэ,» «Барс» байыаннай этэрээт чилиэнэ уонна байыаннай сиэстэрэ кыттыахтахтара диэн «Аҕа дойдуну көмүскээччилэрэ» судаарыстыбаннай пуонда филиалыгар чуолкайдаатылар.

Үөрэх бырагырааматыгар кыттарга бэтэрээннэрэ эбэтэр анал байыаннай дьайыы кыттааччылара сирэй көрсөн Саха сиригэр «Аҕа дойду көмүскээччилэрэ» пуонда филиалыгар (Дьокуускай к., Ойуунускай уул., 41/1 дб., күн ахсын 09: 00-18:00 ч. диэри үлэлиир) эбэтэр официальнай саайка сайаапка биэриэхтэрин сөп.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago